Алтаҥҥа саҥа уһуйаан тутуллуо
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2023/02/ang2-1-e1676900639488-900x596.jpg)
Амма улууһун Алтан нэһилиэгэр сүрүннээн Бүтэйдээх — Сатаҕай быһа суолу тутары, үрдүк кыамталаах уот лииньийэтэ кэлэрин, о.д.а. туруорсаллар. Элбэх киһи бырабыыталыстыба отчуотугар кэлэн, санааларын этиннилэр.
Алтаҥҥа өр сыл туруорсубут кулууптара тутуллубута, скважина үлэлээтэ. 85 саастаах Коммунар Михайлович Ермолаев 2019 сылтан балыыһата суох олоробут диэн этэр. Кырдьаҕас дьон Эмискэ баран көрдөрүнэрбит ыарахан диир.
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2023/02/ang3-1-e1676900748909.jpg)
Ону тэҥэ, 2 хочуолунай баар, үһүс хочуолунай тутуллара ирдэнэр диэн туруорсаллар.
Бу нэһилиэктэн уонча киһи байыаннай дьайыыга сылдьар. Онон бу тиэмэҕэ элбэх ыйытыы киирдэ. Холобур, оҕолоругар босхо эмкэ харчы көрүллүөн сөп дуо? Бу боппуруоһу боротокуолга киллэрдилэр. Төрөппүттэрэ өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр санаторийга босхо сынньаныахтарын сөп дуо? Суох, »Абыралга» уонна »Чэбдиккэ» эрэ сынньаныахтарын, эмтэниэхтэрин сөп.
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2023/02/ang1-2-e1676900809779.jpg)
Биир сытыы боппуруоһунан уһуйаан саҥа дьиэтин тутуу буолар. 68 саастаах биэнсийэлээх дьахтар туран: »Бу дьыссаакка мин сылдьыбытым, оҕолорум, сиэннэрим сылдьыбыттара, аны хос сиэннэрим сылдьыахтаахтар дуо?» — диэтэ.
Маныаха улуус баһылыга Степан Кузьмин бэдэрээтчити кытары үлэ бара турарын, быйыл сыбаайата түһүө диэн эрэннэрбитин, инвестбырагыраамаҕа киирдэҕинэ, баантан кирэдьиит ылан, тутан саҕалыахтааҕын туһунан иһитиннэрдэ. Маны тэҥэ, тэйиччи сытар, тэтимнээхтик сайдар нэһилиэк буоларынан, быйылгы олохтоох бүддьүөтү 4,6 мөлүйүөн солкуобайынан эппиттэрин туһунан эттэ.
Алтан олохтоохторо бырабыыталыстыба үлэтин истэ-билэ олоробут, онон үчүгэйинэн сыаналыыбыт диэн эттилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: