Алтыһан ааспыт дьоллоохпун

Алтыһан ааспыт дьоллоохпун

13.11.2022, 12:05
Бөлөххө киир:

Сэтинньи ый 13 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев төрөөбүтэ 85 сылын туолар.
Арассыыйа таһымнаах бөдөҥ судаарыстыбаннай, бэлитиичэскэй диэйэтэл туһунан бу күннэргэ суруллуо, кэпсэниэ турдаҕа.

Оттон мин, оччолорго Сунтаар оройуонун «Кириэстээх» сопхуоһун дириэктэрэ Борис Сергеевич Егоров, Михаил Ефимович Николаевы өссө кини Саха АССР тыатын хаһаайыстыбатын миниистиринэн үлэлиир эрдэҕиттэн үлэ боппуруостарынан алтыһан ааспыппын билигин олоҕум биир бэлиэ түгэннэрин быһыытынан өйдүүбүн. Михаил Ефимовиһы кытары мин дириэктэрдиир кэммэр, ити 1984-1990 сылларга, хаста даҕаны төлөпүөнүнэн, араас мунньахтарга сирэй даҕаны көрсүһэн кини этиитин, сүбэтин-аматын элбэхтэ истибитим. Кырдьык, Михаил Ефимович оччотооҕу үгүс салайааччылар курдук үлэтигэр олус үрдүк эппиэтинэстээҕин, ирдэбиллээҕин эппинэн-хааммынан билэн турабын. Кини ордук сайыҥҥы ыйдарга, ардыгар сарсыарда сэттэттэн саҕалаан үлэни-хамнаһы ыйыталаһан, ирдэһэн барара. Ол эрээри, сопхуоска үлэлээбитим устатыгар кини кими эмэ мөхпүтүн, күүскэ саҥарбытын букатын өйдөөбөппүг. Ардыгар үлэҕэ-хамнаска сыыһа-халты туттуу ханна барыай?.. Оччоҕо Михаил Ефимович: «Доҕоттор, итинник гынымыаҕыҥҥытыый», — диэн баран, бэрт холкутук сүбэлээн-амалаан, ыйын-кэрдэн барара. Оннук муударай, киэҥ-холку өйдөөх-санаалаах этэ. Кини миниистирдиирин саҕана сопхуостар дириэктэрдэринэн үксүгэр бартыыйынай, сэбиэскэй, хаһаайыстыбаннай үлэлэргэ буспут-хаппыт каадырдар үлэлииллэрэ.
Михаил Ефимович киһи, салайааччы быһыытынан олус боростуойун биир маннык түгэнинэн бэлиэтиэхпин баҕарабын. Бэрэсидьиэн буолан баран, Сунтаарга сырыытыгар биирдэ Кэмпэндээйигэ тахса сылдьыбыта. Онно мин Мииринэйгэ АЛРОСА хампаанньаҕа үлэлиирим. Бэрэсидьиэни дьон бөҕө батыһар, чугаһыы сатааһын бөҕө, мин тэйиччи сылдьабын. Арай биир түгэҥҥэ дьон быыһыгар Михаил Ефимовиһы утары көрсө түстүм. Арай киһим: «Хайа, урукку каадырым Борис, дорообо», — диэн баран илиитин биэрэн дорооболоһон соһутта. Бэрт кылгастык ону-маны ыйыталаһан баран: «Борис, дьэ кытаат», — диэн баран, санныбын таптайан соһуппута даҕаны, долгуппута даҕаны.
Билигин М.Е. Николаевы М.К. Аммосов кэнниттэн Саха сирин олоҕун оҥкулун уларыппыт, саҥа сүүрээннэри киллэрбит иккис киһинэн саамай сөпкө сыаналыыллар дии саныыбын. Кини ханна даҕаны, ханнык да үлэҕэ буоллун боппуруоһу ылыннарыылаахтык быһаарар, сүбэлиир-амалыыр дьоҕурдааҕын билэбин.
Мин билигин сааһырбыт киһи малтаччы этэбин. Оччолорго Михаил Ефимовичка өрөспүүбүлүкэбитин үһүс болдьоххо салайарыгар кыах биэрбиппит эбитэ буоллар…
Михаил Ефимович биирдэ этэн турардаах эбит: «Уопсастыбаҕа араас дьон бааллар. Оттон мин урут арамаантык этим. Салайааччы буолууну бэйэҕэ буолбакка, дьоҥҥо, дойдуга туһаны аҕалар кыаҕы биэрэр дии саныырым. Алта уонус сыллардааҕы дьон үгүстэрэ итинник саныыллара. «Аан бастаан бэйэҥ тускунан буолбакка, төрөөбүт дойдуҥ туһунан санаа» диэнинэн салайтараллара. Оттон салайааччы буоларга талаһар дьон атын дьону үрдүнэн баралларын, былаас уонна ситиһии туһугар туохха баҕарар бэлэмнэрин билэрим».
Михаил Ефимовиһы киэҥ нэлэмэн Сахатын сирин бары олохтоохторо омугуттан тутулуга суох, ханна баҕарар атахтарыгар туран сүгүрүйэн, уҕараабат уһун ытыс тыаһынан уруйдаан-айхаллаан көрсөллөрө долгутуулаах да буолара.
Кылгас бэлиэтээһиммин Михаил Ефимович үөлээннээҕэ, хомсомуолтан саҕалаан өрөспүүбүлүкэни салайыыга тиийэ бииргэ үлэлээбит биир дойдулааҕым Климент Егорович Иванов этиитинэн түмүктүүбүн:
«Михаил Ефимович Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэнин үрдүкү дуоһунаһыгар талыллан үлэлиир сылларыгар норуотун, дьонун-сэргэтин күннээҕи олоҕун, кэлэр кэскилин туһугар төһөлөөх сыратын, билиитин-көрүүтүн, дууһатын биэрэн, эппиэтинэһи сүгэн үлэлээбитэй? Кини эппиэттээх үлэтигэр көрсүбүт ыарахаттарын үөрэтэн, ырытан, салайар баай уопутунан, дириҥ билиитинэн, муударай өйүнэн туруоруммут соругун тиһэҕэр тириэрдэр кыаҕынан өрөспүүбүлүкэтин салайбыта, сайыннарбыта, кини аатын-суолун аан дойдуга биллэрбитэ».
Мин, туох да омуна суох, чахчы саха саарынын, саха дьолугар төрөөбүт Михаил Ефимович Николаевы кытта кылгас да кэмҥэ алтыһан ааспытым олоҕум, дьылҕам бэлэҕэ эбит дии саныыбын.

Борис ЕГОРОВ, 1984-1990 сылларга «Кириэстээх» сопхуос дириэктэрэ, «ХХ үйэ бастыҥ дириэктэрэ» бэлиэ хаһаайына, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Сунтаар улууһун Бочуоттаах гражданина, «АЛРОСА» АХ бэтэрээнэ, Мииринэй куорат.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 69% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: