Хаартыска: ЯСИА
Алтынньы 1 күнүттэн байыаннай биэнсийэни Оборуона министиэристибэтин уонна атын сэбилэниилээх күүстэр нөҥүө ылар биэнсийэлээхтэргэ 7,6 быр. үрдэтиэхтэрэ: борокуратуура, ФСБ, ФСИН, ИДьМ, диэн РИА Новостига Судаарыстыбаннай Дуума үлэҕэ уона социальнай бэлиитикэҕэ кэмитиэтин баһылыга Ярослав Нилов иһитиннэрдэ.
“Алтынньы 1 күнүтэн акылааттары үрдэтиинэн, биэнсийэлэри эмиэ үрдэтиэхтэрэ. Бу индексация, ол иһигэр, “байыаннай” биэнсийэлээхтэргэ эмиэ сыһыаннаах. Алтынньы ыйга байыаннай биэнсийэлээхтэргэ уона сэбилэниилэх (силовой) биэдэмистибэлэр урукку үлэһиттэригэр 7,6 % үрдүөҕэ. Байыаннай биэнсийэ – Оборуона министиэристибэтин нөҥүө биэнсийэлээхтэр ылар төлөбүрдэрэ эрэ буолбатах. Бу атын силовой биэдэмистибэлэр биэнсийэлээхтэрэ эмиэ киирсэллэр: борокуратуура, ФСБ, ФСИН, ИДьМ уо.д.а”, — диэтэ Нилов.
Маныаха төрүөтүнэн билигин үлэлиир сотрудниктар харчынан ылар төлөбүрдэрэ буолар – манна олоҕуран бу биэнсийэлэр ааҕыллаллар.
“Арассыыйаҕа биэнсийэлээхтэр кэккэ категориялара баар уонна кинилэр биэнсийэлэрин төлөбүрүн индексациялааһын арааһынай бэрээдэгэ. Страховой биэнсийэлэри быйыл тохсунньу 1 күнүгэр сабаҕаламмыт инфляция таһымынан үрдэтиллибитэ уонна олунньу 1 күнүгэр дьиҥнээх инфляциянан ситэри индексацияламмыта. Байыаннай биэнсийэлэргэ туспа көрүҥнээхтэр”, — диэн дьокутаат ситэрэн биэрдэ.
Көннөрү биэнсийэлээхтэргэ тохтууругар, Нилов этэринэн, кинилэргэ, холобур, 70 саастарын туолалларыгар фиксированнай төлөбүрдэрэ улаатар, онон, ити индексацияланнаҕына биэнсийэлэрэ эмиэ.
“80 саастарыгар – эмиэ итинник. Ол курдук, балаҕан ыйыгар 80 саастарын туолбуттар алтынньы ыйтан страховой биэнсийэлэригэр 8907,70 солк. кээмэйдээх улааппыт фиксированнай төлөбүрү ылаллар”, — диэтэ кини.
Бэлиитик бэлиэтииринэн, кинилэри көрүүгэ-истиигэ дьиҥнээхтик толоруллубут докумуонунан 1314 солкуобай эбии толуйуу ананар уонна уопсай эбиллии бу түгэҥҥэ 10 тыһыынча солкуобайы куоһарыа. Хаттаан ааҕыыны быһалыы толороллор – сайабылыанньа биэрэр ирдэммэт.
“Балаҕан ыйыгар бырабыыталыстыба уурааҕынан инфляция таһымыгар олоҕуран индексация коэффициенэ чопчуламмыта. Онон акылааттар 7,6 быр. индексацияланыахтара уонна тэҥҥэ байыаннай биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэрэ үрдүөҕэ – бу Оборуона министиэристибэтин уонна атын силовой күүстэр урукку үлэһиттэригэр сыһыаннаах”, — диэн Нилов түмүктээтэ.
Дьокуускайга олунньу 22 күнүгэр "Быть здоровым -- это модно!" диэн 14-с төгүлүн ыытыллар Норуоттар икки…
Педагогическай наука кандидата Елизавета Петровна Гуляева ыҥырыытынан, Ийэ тыл күнүгэр Дьокуускай куорат 31 нүөмэрдээх орто…
Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын дзюдоистката Аина Моисеева Ташкент куоракка ыытыллар «Большой шлем» күрэхтэһиигэ дойду сүүмэрдэммит…
Тимофей Сметанин уонна Яков Стручков кэпсээннэринэн уһуллубут "Мэхээлэчээн булчут" киинэ кулун тутар 19 күнүттэн улахан…
Бүгүн, олунньу 13 күнүгэр, Дьокуускай куоракка «Патриот» ыччат киинигэр оҕону, ыччаты патриотическай иитиигэ улахан суолталаах…
Саха сирин психологтара байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын ийэлэрин өйүүргэ туһуламмыт «Искусство терапията» диэн саҥа бырайыагы саҕалаатылар.…