Алтынньы 2 күнүгэр Күн «өлүөҕэ»

Share

Алтынньы 2 күнүгэр Күн «өлүүтэ» буолуоҕа. Бу кэминэн Ый, Күн «өлүүлэрин» көрүдүөрэ түмүктэнэр. Күн «өлүүтэ» ханна, хаһан көстүөҕэй? Киһиэхэ туох дьайыылаах буолуоҕай?

Хаартыска: Москватааҕы планетарий.

Астрономнар бу Күн «өлүүтүн» уратылаах дииллэр. Тоҕо диэтэр, Ый Күнү бүөлүүр кэмигэр «уот биһилэх» көстүөҕэ уонна 7,5 мүнүүтэ устата ньим курдук туруоҕа. Бу маннык уһуннук көстөрө сэдэх диэн этэллэр. Аны туран, бу маннык «уот биһилэхтээх» аныгыскы Күн «өлүүтэ» 2026 сылга эрэ буолуохтаах, ону даҕаны Антарктидаҕа, ол иһин ону көрөр да киһи аҕыйах буолуоҕа.

Ханна көстүөҕэй? Күн толору «өлүүтэ» Чили, Аргентина уонна Чуумпу акыйаан сорох арыыларыгар эрэ көстүөҕэ. Мантан чугас сирдэргэ сороҕун эрэ көрүөхтэрэ.

Холобур, Пасха диэн арыыттан олус үчүгэйдик көстүөхтээх. Ону көрөөрү, астрономнар уонна туристар Пасха арыыга, Чилигэ, Аргентинаҕа номнуо тиийэн эрэллэр дииллэр. Ол эрээри, күнү-дьылы сабаҕалааччылар этэллэринэн, бу күн ити дойдуларга былыттаах буолуон сөп.

Москватааҕы планетарий иһитиннэрэринэн, Күн «өлүүтэ» алтынньы 2 күнүгэр киэһэ 7 чаас 51 мүнүүтэттэн саҕаланан баран, 9 чаас 45 мүнүүтэҕэ муҥутуур чааһыгар тиийиэҕэ (Москва бириэмэтинэн). Арассыыйаҕа, Саха сиригэр көстүбэт.

Ол эрээри, Ый, Күн саамай чугас куйаар эттиктэрэ буолалларынан,  Сиргэ, хамсыыр-харамайдарга дьайыылара улахан. Кыыллар олус дьиксинэллэр, куттаналлар, сорохтор саһаллар, сорохтор төттөрү-таары сүүрэкэлииллэр. Көтөрдөр уйаларыгар саһаллар. Айылҕаҕа уу-чуумпу буолар.

Дьоҥҥо эмиэ дьайар. Бу кэмҥэ иирсээн-этиһии, саахал, эчэйии элбиэн сөп. Доруобуйалара мөлтөх дьон сэниэлэрэ эстэр, төбөлөрө ыалдьар, хааннарын баттааһына түһэр-тахсар. Онон Күн «өлүүтүн» көрөр куһаҕаннык дьайар дииллэр. Биһиэхэ көстүбэтэ да үчүгэй эбит.

Астрологтар этэллэринэн, бу кэмҥэ урукку быһаарыллыбатах кыһалҕалар, ыарыылар көбөн тахсыахтарын, истириэс, куттал, санаа түһүүтүн курдук иэйиилэр күүһүрүөхтэрин сөп. Ол иһин бу кэмҥэ ордук сэрэхтээх, болҕомтолоох буолуохха наада. Кыыһыра, ыксыы сылдьан, ханнык да суолталаах быһаарыныылары ылынымаҥ. Бэйэҕитин иһиллэниҥ, доруобуйаҕытын, аскытын көрүнүҥ, хамсаныҥ. Үпкэ-харчыга уонна массыынаны ыытан иһэн, олус болҕомтолоох буолуҥ.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
3
+1
0
+1
0
+1
5
+1
1
+1
3

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

9 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

9 часов ago