Алтынньы 4-7 күннэригэр — Саха сирин учууталларын XIV сийиэһэ
Алтынньы 4-7 күннэригэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин учууталларын уонна педагогическай уопсастыбаннаһын XIV сийиэһэ буолар. Чахчылар туоһулуулларынан, Бүтүн Саха сиринээҕи учууталлар I сийиэстэрэ 1925 сыллаахха ыытыллыбыт. Оччолорго барыта 49 делегат кыттыбыт.
Быйылгы сийиэһи көрсө СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтэ туспа съездучителей14.РФ саайты толкуйдаан, онно архыып докумуоннарын, дакылааттары, иһитиннэриилэри, бырагырааманы биир сиргэ түмпүттэрэ бэрт табыгастаах буолбут.
СӨ Үөрэҕин уонна билимин миниистирин бастакы солбуйааччы Михаил Присяжнай: “Ханнык баҕарар тэрээһиннэргэ үөрэх тутулун ис хоһоонун көрөбүт. Үөрэх хайа баҕарар араҥатыгар үчүгэй быраактыкалар бааллар. Педагогтар бэйэ-бэйэлэрин кытта алтыһан бастыҥ уопуту үллэстэллэр. Уонна көлүөнэлэр алтыһыылара – бэтэрээннэри кытта көрсүһүү улахан оруоллаах”, — диэн бэлиэтиир.
Сийиэс бырагыраамата киэҥ. Ол курдук, «Открытое образование – пространство возможностей» сийиэс улахан мунньаҕа, СӨ Ил Дарханын салайыытынан тэриллибит төрөппүттэр сэбиэттэрин бастакы мунньаҕа, СӨ Үөрэҕин уонна билимин миниистирэ делегаттары кытта көрсүһүүтэ, учуонайдар лиэксийэлэрэ, педагогтарга сэминээр, оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго төрөөбүт тылы сайыннарыы боппуруостарын тула кэпсэтии, маастар-кылаастар, быыстапкалар, о.д.а. тэрээһиннэр буолуохтара.
Бэлиэтэниини ааһан туһалаах куурустары истиэххэ сөп. Дойду тарбахха баттанар учуонайдара кэлэн лиэксийэ ааҕыахтара диэн иһининнэрэллэр. Улуустар тэйиччиттэн олорон көрөр, кыттар кыахтаахтар. Бырагырааманы сиһилии ыйыллыбыт сигэнэн киирэн көрүҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: