Алтынньы 8 күнэ: хаар, тыал уонна -13 кыраадыс
08.10.2025, 06:00

СИА хаартыската
Бөлөххө киир:
Бүгүн, алтынньы 8 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар хаар түһэрэ, тыалырара уонна -13 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС суруйар.
Хотугулуу-илин улуустарга кыралаан хаар түһүөҕэ. Хотугулуу-илин уонна Өлүөнэ алын тардыытынан сөкүүндэҕэ 9-14 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах, өрүс кытылыгар сөкүүндэҕэ 15-20 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах.
Күнүс -3-8°, хоту -8-13°, соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа -3,+2°.
Дьокуускайга күнүс хаардыыра, -5… -7 кыраадыс буолара күүтүллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: