Алтынньы билгэтэ
Ый устата 17 – 20 мм сөҥүү түһэр, – 5-15 кыраадыс. Сороҕор хаара суох дьогдьоот күһүн буолар. Хаар алтынньы ортотугар түстэҕинэ ууллубат. Куобах маҥхайар.
Алтынньы 1 күнэ – туруйа соҕуруу көттөҕүнэ, алтынньы 14-гэр диэри тымныы түһэр, оттон ити күн көппөтөҕүнэ, сэтинньи 2-гэр диэри тымныы түһүө суоҕа.
Алтынньы 7 күнэ – күн ат хаамыытынан кылгыыр.
Алтынньы 8 күнэ – хаар түстэҕинэ, сэтинньи 21-гэр өрүһү таһаҕастаах атынан туорууллар. Хаппыыста тууһууллар.
Алтынньы 14 күнэ – Бокуруоп таҥара – кыһыҥҥы дьыл саҕаланыыта. Бу күнү өбүгэлэрбит “дьыл кэлиитэ” диэн билинэн туран, Дьыл оҕуһа муустаах байҕалтан тахсыытын кытта ситимнииллэр. Бу күн хаардаатаҕына, сэтинньи ый 21 күнүгэр диэри кыһын кэлиитин 40 хонук күүтэллэр. Хотуттан тыалырдаҕына – тымныы кыһын, арҕааттан тыалырдаҕына – сылаас кыһын буолар. Онтон Бокуруоп күн сылаас күн-дьыл турдаҕына, тымныы түһэрэ хойутуур, тымныйдаҕына – тымныы эрдэлиир.
Алтынньы 17 күнэ – кыһын саҕаланар, истээх таҥаһы кэтэр күн (Өрөппүөй).
Алтынньы 18 күнэ – муус аннынан муҥхалааһын саҕаланар. Күөл тааҥныыр, сүөһүнү кыһыҥҥылыы аһатыы саҕаланар.
Алтынньы 23 күнэ – Ый муоһа түүн ортото уһуктаммыт буоллаҕына, хаардаах тыал түһэр.Тоҥоруу саҕаланар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: