Алтынньы ый билгэтэ

Share

Норуокка биллэр бэлиэлэр тустарынан истибиккит дуо? Төһө билэҕит? Кырдьаҕастар эппиттэрин өйдүүгүт дуо?

Хаар алтынньы ортотугар түстэҕинэ, ууллубат дииллэр эбит.Куобах маҥхайар, тииҥ көһөр диэн этэр буолаллара үһү. Маны сэргэ, хатыҥ сэбирдэҕэ ыраастык түстэҕинэ, чэпчэки сыл буолуоҕа, оттон ыһыллан-тоҕуллан түстэҕинэ тымныы кыһыҥҥа диэн билгэлииллэр эбит. Алтынньыга ый туолбут буоллаҕына, кураанах сайын буолар. Өскөтүн алтынньы ыйга өлгөмнүк хаардаатаҕына, саас ходуһаҕа хаар ууллара бытаарыа диэн саха халандаардарыгар бэлиэтэммит.

Күн-дьыл туругун кэтээн көрөргө суолталаах күннэр:

1 — туруйа соҕуруу көттөҕүнэ, алтынньы 14-гэр диэри тымныы түһэр, оттон ити күн көппөтөҕүнэ, сэтинньи 2-гэр диэри тымныы түһүө суоҕа.

3 — тыал хотуттан үрдэҕинэ, сотору бытархан тымныы түһэр, соҕурууттан — ичигэскэ, арҕааттан — сөҥүүгэ, илинтэн — ыраас күҥҥэ-дьылга.

5 — хатыҥ сэбирдэҕэ түспэтэҕинэ, хаар хойут түһэр.

7 — күн ат хаамыытынан кылгыыр.

8 —  хаар түстэҕинэ, сэтинньи 21-гэр өрүһү таһаҕастаах атынан туорууллара. Хаппыыста тууһууллар.

14 — Бокуруоп. Хотуттан тыалырдаҕына, кыһына тымныы, арҕааттан тыалырдаҕына — ичигэс.

18 — муус аннынан муҥхалааһын саҕаланар. Күөл тааҥныыр.

25 — чаҕылхай сулустар таҕыстахтарына тымныы түһэр, өлбөөркөй — силлиэҕэ, күүскэ дьиримниир — хаарга.

27 —  бадараан тоҥор да, оттоох маар мууһа массыынаны уйбат.

30 — сыарҕанан сырыы саҕаланар, от-мас тиэллэр. Ый ортотугар тыалырдаҕына, көтөҕө түһэр. Халыҥ хаар түстэҕинэ, сылгыга үчүгэй кыһын.

2007, 2009, 2015  сыллардааҕы  «Саха ыалын халандаарыттан» ылылынна.

«Бичик» кинигэ кыһата.

What’s your Reaction?
+1
6
+1
2
+1
1
+1
1
+1
0
+1
2
+1
5

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

24 секунды ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

45 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Маны билэҕин дуо?  Бит-билгэ

Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…

3 часа ago