Салгыы
Алтынньыга олоххо киирэр сокуоннар

Алтынньыга олоххо киирэр сокуоннар

Ааптар:
01.10.2024, 08:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Алтынньы ыйтан дойду үрдүнэн нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбатын тупсарыыга үгүс суолталаах араас федеральнай сокуоннар олоххо киирэллэр. Ол иһигэр федеральнай тэрилтэлэр, судаарыстыбаннай уорганнар үлэһиттэрин хамнаһа 5,1 % улаатыаҕа. Бу туһунан Госдуума саайтыгар иһитиннэрдилэр.

Бастакынан, байыаннай биэнсийэлээхтэргэ, сэбилэниилээх күүстэр биэдэмистибэлэрин урукку үлэһиттэригэр уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэттэригэр ааҕыллар биэнсийэ кээмэйэ 89,83 % диэри улаатыаҕа. Онон байыаннай биэнсийэлээхтэргэ төлөбүр кээмэйэ 5,1 % үрдээбитинэн индексацияланан ааҕыллар. Ити курдук, ортотунан байыаннай биэнсийэ кээмэйэ  41 600 солк. тиийиэҕэ.

Иккиһинэн, пиратскай саайтар куоппуйаларын Роскомнадзор быһаччы үлэлэрин тохтотор буолуоҕа. Ону кытта куйаар ситимигэр көрдүүр тиһиккэ саайтар дааннайдарын сотторор дьайыылары оҥоруу бары оператордарга сүктэриллэр.

Үсүһүнэн, Нолуок Кодексатыгар киирэр уларыйыыларынан, массыыналары уонна матаһыыкыллары атыылааһыҥҥа туһаныллар нолуок ыстаапката 20% улаатар. Ону кытта НДС-тан босхолонор операциялар испииһэгэ уларыйар.

Төрдүһүнэн, федеральнай судаарыстыбаннай тэрилтэлэр хамнастара 5,1 % улаатар. Хамнас үрдээһинэ килиниичэскэй мэдиссиинэ киинин, үрдүк үөрэх преподавателлэригэр, гидрометеорологическай сулууспа үлэһиттэригэр сыһыаннаах, ону кытта билим, мэдиссиинэ-социальнай эспэртииһэ, култуура, о.д.а. үлэһиттэригэр ананар.

Бэсиһинэн, тулаайах уонна көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолорго дьиэнэн-уотунан хааччыйыыга сайабылыанньа биэрии судургутуйар.
Алтынньы 1 күнүттэн тулаайах уонна көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолор «Госуслуги» судаарыстыбаннай портал нөҥүө сайабылыанньа биэриэхтэрин сөп буолар.

+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -28°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 76% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: