Василий Эверстов: “Алыһар муста сытар сирин таптыбыт быһыылаах”

Василий Эверстов: “Алыһар муста сытар сирин таптыбыт быһыылаах”

05.11.2024, 09:43
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ социальнай ситимнэринэн Ньидьили эбэ муҥхатын видеота тарҕаммыта.

Онно көрдөххө, кырдьык сордоҥ икки алыһар икки тахсар. Көрбүт киһи эрэ барыта сымыйарҕаабыта. Онон муҥханы тэрийбит “Ньидьили” ХЭТ салайааччыта, судаарыстыбаннай экологическай кэтээн көрүү иниспиэктэрэ  Василий Эверстовтан бу оруннаах видео тарҕана сылдьар дуу диэн чуолкайдыырыгар көрдөстүбүт:

— Сордоҥ уруккуттан да баара, алыһар иллэрээ сылтан бэттэх көстөрө элбээтэ, — диэн Василий Афанасьевич дьиҥнээх видео буоларын чуолкайдаата. — Эбэ улахана бэрт, онон биһиги тыа өттүгэр муҥханан түһэбит, онно ити алыһар муста сытар сирин таптыбыт быһыылаах. Собо ордук үөс өттүгэр, дириҥин диэки баар. Алыһар сыыс балык, онон муста сытар сирин тоҕо түһэн ылбыппыт куһаҕана суох.

Ньидьили Бүлүү өрүһүн кытта ситимнэһэр үрэхтээх, саас уу күүскэ таҕыстаҕына, алыһар онон кэлсэр. Ол иһин ол үрэҕи бүөлээн, сиэккэ тардан кэбиһиэхпитин баҕарабыт. Икки сылы быһа Ыччат министиэристибэтэ, Ил Дархан ыытар куонкурустарыгар кытта сатаан кэбистибит да, кыайбатыбыт. Бырайыаккыт үчүгэй, кыайаҕыт дииллэр да, тоҕо эрэ табыллыбат. Онон  аны саас муус ааһа илигинэн, нэһилиэк күүһүнэн даамбабытын оҥоро сатыахпыт. Быйыл кураан буолан, эбэ уута быста түһэн хаалла, аны ууланнаҕына маһыгар тиийэ тахсар.

Бу күөлгэ аҕыс туһанааччы баар, бары тус-туспа учаастактаахпыт. Биһиги ити бэҕэһээ бастакынан түстүбүт. Ахсынньы 31 күнүгэр диэри муҥхалыыр көҥүллээхпит. Эбэбитин ыраастаатахпыт дии, мантан антах ирээппитин бэрсэр ини диэн эрэллээхпит”, — диэн Василий Афанасьевич холкутук быһааран биэрдэ.

+1
95
+1
3
+1
0
+1
1
+1
7
+1
4
+1
14
Бары сонуннар
Салгыы
25 ноября
  • -23°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: