Алын кылаас учууталларын хамаанданан куонкуруһа буолан ааста

Алын кылаас учууталларын хамаанданан куонкуруһа буолан ааста

01.03.2024, 16:09
Хаартыска: Людмила Попова.
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ СӨ Үөрэҕи сайыннарар уонна идэ таһымын үрдэтэр институкка “Алын сүһүөх үөрэхтээһинэ-2024” өрөспүүбүлүкэтээҕи III куонкурус буолан ааста. Финалга барыта 10 хамаанда кытынна. Кимнээх бастаатылар?

Кылгастык ахтан аастахха, куонкурус номнуо үһүс төгүлүн Хаҥалас улууһун Булгунньахтаах орто оскуолатын мэдэтиичэскэй холбоһуга уонна педагогтара тэрийиитинэн ыыталлар. Бастакы куонкурус 2022 сыллаахха буолбут, барыта 24 хамаанда, 96 педагог кыттыбыт. Иккис былырыын ыытыллыбыт, 54 хамаанданан 216 педагог кыттыбыт.

Быйыл олимпиадаҕа барыта 27 хамаанда киирбит. Онтон финалга Бүлүүтээҕи 1-кы нүөмэрдээх алын оскуолатын, Амма улууһун Чакыр оскуолатын, Дьокуускай куорат 3-с нүөмэрдээх оскуолатын, Бүлүү улууһун Н.А. Кондаков аатынан Дьөккөн оскуолатын, Мэҥэ Хаҥалас улууһун К.О. Гаврилов аатынан Бүтэйдээх оскуолатын, Дьокуускай куорат Марха 2-с нүөмэрдээх оскуолатын, Дьокуускай куорат “Айыы Кыһата” гимназиятын, Томпо улууһун Хаандыга оскуолатын, Дьокуускай куорат Н.И. Шарин аатынан 39-с нүөмэрдээх оскуолатын, Дьокуускай куорат 2-с нүөмэрдээх оскуолатын хамаандалара киирбиттэр.

Тэрээһин үөрүүлээх аһыллыытыгар Үөрэҕи сайыннарар уонна идэ таһымын үрдэтэр институт  дириэктэрэ Ньургун Павлов: “Мин бэйэм математика учууталынан үлэлээбитим. Алын кылаас учууталлара кылааска сүүрбэлии-түөрт уоннуу оҕону хайдах ааҕа, суруйа үөрэтэргититтэн сөҕөбүн эрэ, махтанабын.

Киэҥ ис хоһоонноох, наадалаах куонкурус буоларын көрөбүт. Сыллата таһымын үрдэтэн, “Сыл учуутала” курдук идэ таһымын куонкурустарын кэккэтигэр бииргэ туруоруохпут”, — диэн эттэ.

Бу иннинээҕи куонкурустары Хаҥалас улууһун Булгунньахтаах оскуолата бэйэтин күүһүнэн тэрийэн кэлбит эбит. Быйыл аан бастакытын Үөрэҕи сайыннарар уонна идэ таһымын үрдэтэр институт киэҥ уораҕайыгар буолла. Хас биирдии хамаанда түөртүү киһилээх.

Тэрээһин үс түһүмэхтэн турар: хамаандалар бэйэлэрин билиһиннэриилэрэ, “Мэтэдиичэскэй холбоһук мастарыскыайа”, хамаанданан былаан уонна мунньах. Бэрт тыҥааһыннаах түһүмэхтэр кэннилэриттэн дьүүллүүр сүбэ кыайыылаахтары быһаарда. Ол курдук, “Алын сүһүөх үөрэхтээһинэ-2024” куонкурус муҥутуур кыайыылааҕа аатын Бүлүүтээҕи 1-кы нүөмэрдээх алын оскуола ылла.

Кыайыылаах хамаанда хапытаана Татьяна Чабыева: “Бу өрөспүүбүлүкэтээҕи хамааданан аһаҕас күрэххэ биһиги номнуо үһүс төгүлүн, саҕаланыаҕыттан кыттабыт. Бу тэрээһин биһиэхэ – учуталларга олус элбэх саҥа идиэйэлэри, саҥа көрүүнү иҥэрэр, саҥа дьоннуун билсиһэрбитигэр олук уурар. Быйыл Үөрэҕи сайыннарар уонна идэ таһымын үрдэтэр институкка олоҕурбут көрүҥүнэн ыытылларыттан олус үөрэн, кыахпытын ууран туран кыттардыы кэлбиппит.

Иллэрээ сыл өрөгөйдөөх бастакы миэстэни ылбыппыт, былырыын ситиһиилээхтик кыттыбыппыт, тэйиччиттэн көрүҥүнэн барбыта. Бу сырыыга эмиэ бастакы миэстэлэнэн ааппытын түһэн биэрбэтибит. Кыттааччылар сыллата уларыйан иһэллэр. Төһө кыалларынан кэлэктииби барытын хабар соруктаахпыт”, — диэн кылгастык санаатын үллэһинэ.

1-кы истиэпэннээх дьупулуомунан Бүтэйдээх оскуолатын (Мэҥэ Хаҥалас улууһа), 2-с истиэпэннээх дьупулуомунан 39-с нүөмэрдээх оскуолатын (Дьокуускай к.), 3-с истиэпэннээх дьупулуомунан “Айыы Кыһата” гимназия (Дьокуускай к.), хамаандалара наҕараадаланнылар.

Кыттааччылар куонкурус үрдүк тэрээһиннээхтик ааспытын, үгүс уопуту иҥэриммиттэрин бэлиэтииллэр.

+1
12
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -42°C
  • Ощущается: -42°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: