«Алёша» экипаһын икки байыаһын – сахалары РФ үрдүкү судаарыстыбаннай наҕараадаҕа түһэриэхтэрэ

«Алёша» экипаһын икки байыаһын – сахалары РФ үрдүкү судаарыстыбаннай наҕараадаҕа түһэриэхтэрэ

10.08.2023, 17:10
Хаартыска СӨ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспатыттан
Бөлөххө киир:

Украина Сэбилэниилээх күүстэрин колоннатын урусхаллаабыт «Алеша» тааҥка экипаһыгар өссө биир саха киһитэ мэхээнньик-суоппар Филипп Евсеев баара билиннэ.
Бу туһунан СӨ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Элбэх киһи саха буойунун үрдүк наҕараадаҕа түһэрииигэ көрдөһүүтүнэн, Ил Дархан Айсен Николаев, Саха сирин биир кэлим сүрүннүүр киинин салайааччытыгар Андрей Федотовка бу тахсыбыт быһыыны-майгыны быһаарарга сорудахтаата.

Бүгүн байыаннай управление туһааннаах уорганнара Филипп Евсееви үрдүк судаарыстыбаннай наҕараадаҕа түһэрэргэ сорудах ыллылар. Кини балыыһаттан тахсарыгар наҕараадаҕа түһэрдилэр. Бу күннэргэ туох быһаарыы ылыллыбыта биллиэҕэ. Силиэстийэ кэмигэр быһаарыллыбытынан, кыргыһыы кэмигэр механик- суоппар быһыытынан экипаж састаабыгар сылдьыбыта.

Быһаарсыы түмүгэр биллибитинэн, Филипп Евсеев кыргыһыы кэмигэр мэхээнньик-суоппар быһыытынан экипаж састаабыгар сылдьыбыт. Кини Сунтаар улууһун Күндэйэтиттэн төрүттээх.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
9 октября
  • -8°C
  • Ощущается: -8°Влажность: 93% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: