Соторутааҕыта “Алёша” тааҥка экипаһа тугунан даҕаны кэмнэммэт, сөҕүмэр дьоруойдуу быһыыны оҥорбутун туһунан сонун дойдуну тилийэ көппүтэ. Хорсун танкистарга, кинилэр кэккэлэригэр Саха сириттэн сылдьар Алексей Неустроевка уонна Филипп Евсеевка дойду бэрэсидьиэнэ Арассыыйа Дьоруойа аатын иҥэртээтэ.
Саха сирин дьоно, бүтүн дойду олохтоохторо кинилэр дьоруойдуу быһыыларынан киэн туттан хоһоон анаатылар, ырыа айдылар. Бу күннэргэ “Кэскил” оҕо таһаарыытын дириэктэрэ Ольга Семенова тылларыгар, СӨ култууратын туйгуна Николай Андросов мелодиятыгар, Михаил Эверстов уонна Иннокентий Готовцев аранжировкаларынан “Кыайыы тыыннаах Алёша” (“Алёша – дух боевой”) диэн сахалыы-нууччалыы ырыа күн сирин көрбүт. Ырыаны Саха сирин норуотун артыыһа Александр Емельянов толорор.
“Биир дойдулаахтарбытын наҕараадалаабыттарын туһунан сонун Кириэмилтэн көтөн кэлээтин кытта, биир дойдулаахпытынан киэн туттар санаа иилии кууспута. Хоһоон тылын бэйэм суруйан кэбиспитим. Тылларын тута Николай Андросовка ыыппыппын көрөн баран, көннөрөн биэр диэн сүбэлээбитэ. Салгыы нууччалыы тылбаастыырга быһаарыммыппыт. Онон ырыа икки тылынан таҕыста”, — диэн ырыа тылларын ааптара Ольга Семенова кэпсээбитин Улусмедиа суруйар.
Кыайыы тыыннаах Алёша
Ийэ-аҕа чыычаахтара
Борбуйдарын көтөхпүттэр,
Буһуу-хатыы бурҕалдьытын
Буойун буолан кэппиттэр.
Хос ырыата:
Алёша танк хорсун кутун
Герой дьону уруйдуубут!
Кыайыы тыыннаах эрэл кыымын
Сүрэх аайы уматабыт.
Ийэ сиргэ түһэн иҥэр
Харах уутун халбарытан,
Доҕордоһуу куйахтанан
Кыргыһыыга кыайдылар.
Үйэ харсар үлтүркэйин
Ситим кэмин бэлиэлэрэ.
Аҕа дойду ытык чиэһин
Хаххалара – уолаттара.
Ырыаны бу манан киирэн истиҥ.
Алёша – дух боевой
В родном селе воспитаны
Державного птенцы орла.
Судьбой семьи написана
Страны большой история.
Припев:
Алеша танк – дух боевой.
Отвагою гордимся мы!
Да здравствует страны герой!
Россия надеждой полна.
В сердцах тревоги не тая
Мы молим Бога каждый час.
Пусть крепость дружбы фронтовой
Хранит и Родину, и вас.
Вы истина меж двух веков
Одной судьбой завязаны.
Великой Родины сыны,
Победы песни и стихи.
Ырыаны манан киирэн истиҥ
Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…
Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан икки киһи сүппүтүн туһунан суһал иһитиннэрии…
Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…
Сэтинньи 19-23 күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…
Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…
Былыр-былыргыттан сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…