Алыптаах сир – Буотама

Share

Биһиги киэҥ-нэлэмэн Сахабыт сирэ олус кэрэ айылҕалаах, ыраас салгыннаах, дьэҥкир уулаах, ураты умсугутар күүстээх. Саха сиригэр ханна да суох ураты, дьикти кэрэ көстүүлээх, биир саамай умсугутуулаах, туристары тардар алыптаах сиринэн Буотама буолар.

Буотама үрэх – Өлүөнэ эбэ уҥа салаата, Хаҥалас уонна Өлүөхүмэ улуустарын сирдэринэн Алдан хайатын хотугу кытыытынан уонна Өлүөнэ хайаларынан ааһар. Буотама үрэх 418 км уһуннаах, киэҥ-нэлэмэн хонуулардаах, үрдүк таас кытыллардаах. Буотама тардыытыгар 200-тэн тахса күөл баар.

Хара Үрэх салаатынан аллараа түстэххэ, икки өттүттэн таас хайалар хаймыылыыллар. Буотама очуостарын үгүстүк Өлүөнэ очуостарыгар майгыннаталлар, кинилэр 150 м үрдүктээхтэр, 550-500 мөлүйүөн сыл анараа өттүгэр кембрий кэмигэр киирсэллэр. Буотама тардыытыгар 30-40 тыһыынча сыл анараа өттүгэр былыргы дьон олохсуйа сылдьыбыт сирдэрэ көстүбүтэ.

Буотама кэнники сылларга элбэх киһи сөбүлээн сылдьар сиринэн буолла. Туристары көрүөхтэн кэрэ айылҕата тардар, сайын аайы үрэх устун 354 км оҥочонон усталлар. Буотама кытыла бэс, харыйа булкаастаах тиит ойуурдаах, араас талах үүнээйилээх, онно уулаах отон, уохта, биэ эмиийэ, сугун, хаптаҕас уонна моонньоҕон өлгөмнүк үүнэллэр. Айаннаан иһэн тайаҕы, эһэни, кииһи уонна да атын да кыыллары көрсүөххэ сөп.

2006 сыллаахха СӨ Айылҕа харыстабылыгар министиэристибэтэ сэлии үөскээн ааспыт кэминээҕи кыыллары сөргүтэр сыалтан «Өлүөнэ очуостара» национальнай паарка иһинэн «Уус Буотама» ойуур бизоннарын питомнигын аспыта. Отут ойуур бизонун Канаада «ЭлкАйленд» национальнай пааркатыттан аҕалбыттара. 2008 сыллаахха аан бастаан алта бизон оҕото төрөөбүтэ, билигин дьиикэй айылҕаҕа төрөөн-ууһаан элбээтилэр.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

10 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

13 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

14 часов ago