Алюминиевай фольга билигин дьиэ аайы баар. Үксүн аһылыкка туһанабыт. Ону таһынан, күннээҕи олоххо-дьаһахха эмиэ туһата элбэх эбит.
Фольганы күннээҕи олоххо туһаныы араастарыгар киириэх иннинэ, маҥнай төһө буортулааҕар тохтоон ааһар суолталаах. Ким эрэ доруобуйаҕа улахан буортулаах диир. Атыттар, оҕо эрдэхпититтэн алюминиевай миискэҕэ аһаан кэлбиппит, туох да буолбакка этэҥҥэ сылдьабыт дииллэр.
Хаһаайкалар хайаан даҕаны аһылыгы биирдэ эмэ фольгаҕа суулаан буһаран көрбүт буолуохтааххыт. Ас бэйэтин сүмэһинигэр буһарын быһыытынан, амтана олус минньийэр, тупсар. Аны манна арыы кутар, оһох иннигэр туран кэриэриэ диэн булкуйар ирдэммэт. Уктуҥ — бэлэм аһы таһаараҕын. Ол эрээри, үгүс учуонайдар, исписэлиистэр фольгаҕа аһылык буһарары бопсоллор эбит. Тоҕо? Фольгаҕа доруобуйаҕа буортулаах бэссэстибэлэр бааллар диэн этэллэр, чуолаан, ксеноэстроген. Киһи этигэр-хааныгар олус элбэх муһуннаҕына, гормон кэһиллиитигэр тиэрдэр эбит. Ксеноэстроген алюминиевай фольгаҕа эрэ баар диэн толкуйдуур сыыһа. Бу былаастык бытыылкалаах ууга, ыраастыыр, сууйар сириэстибэлэргэ, быласымааска, оонньуурга, тутуу матырыйаалларыгар, араас туттар тэриллэргэ, о. д.а. бааллар.
Сорох исписэлиистэр фольгаҕа төһө баҕарар буһарыахха сөп, ол гынан баран, кэккэ быраабыланы тутуһуллуохтаах диэн ыйаллар. Ол курдук, кислоталаах бородууктаны буһарыллыбат, алюминий киһи этигэр-хааныгар киирэрин улаатыннарар диэн этэллэр. Маҕаһыыҥҥа атыыланар, аһылыкка аналлаах фольга анал бүрүөһүнүнэн бүрүллэ сылдьар буолар. Бу бүрүөһүн кутталлаах бэссэстибэ аһылыкка киирбэтин хааччыйар. Өскөтүн, бородууктаҕа уксус эбэтэр лимон кислотата баар буоллаҕына, харыстыыр бүрүөһүнү быһа сиир диэн эспиэрдэр быһаараллар.
Сорох исписэлиистэр фольгаҕа төһө баҕарар буһарыахха сөп, ол гынан баран, кэккэ быраабыланы тутуһуллуохтаах диэн ыйаллар.
Аны фольганы хайа өттүнэн туттабын диэн толкуйдаан көрбүт буолуохтааххыт. Килэгир өттө болоорхойунааҕар сылааһы ордук тэйитэрэ биллэр. Эспиэрдэр чинчийэн көрбүттэринэн, килэбэчигэс өттө тэйитэр кыаҕа 88% тэҥнэспит эбит, оттон болоорхой (матовай) өттө — 80%. Онон үгүстэр фольганы илиискэ килэгир өттүн тас өттүгэр, эти, балыгы суулаан буһарарга — килэбэчигэһин ис өттүгэр тутарга сүбэлииллэр. Өссө килэгир өттүгэр аһылык улаханнык сыстыбат диэн бэлиэтииллэр. Биллэн турар, хаһаайка хайа өттүнэн суулуурун бэйэтэ билэр. Арай, быраабылаттан туорааһын биир түгэнин ыйаллар — non-stick анал фольганы туһаныыга. Бу фольганы туттарга аһылыгы матовай өттүгэр уурар ирдэнэр. Үксүгэр «non-stick» диэн бэлиэлээх буолар.
Фольга күннээҕи олоххо-дьаһахха туһата элбэх. Сүрүннээн үрүҥ көмүс оҥоһугу ыраастыыбыт. Ханнык баҕарар хаһаайкаҕа алюминиевай фольга, суода баара чахчы. Таас иһиккэ аһылык фольгатын тэлгиибит, кыра ньуоска аҥаарынан эбэтэр төбөтүгэр суода баһан кутабыт уонна кыратык иһит сууйар убаҕас сириэс-
тибэни таммалатабыт, үрдүгэр ыстакаан кэриҥэ оргуйбутунан ууну саба кутабыт уонна 1–2 мүн. туруора түһэбит. Онтон ыраас ууга сайҕаан
ылан баран өрбөҕүнэн сотобут. Бу ньыманы хаһан баҕарар туттуохха сөп. Арай, жемчуг, янтарь киллэһиктээх киэргэллэри ыраастыыртан туттунуҥ диэн этэллэр. Оттон синтетическэй таастаах оҥоһуктары төһө баҕарар ыраастыахха сөп.
Быһаҕы араас көрүҥүнэн сытыылыы үөрүйэх эбит буоллахпытына, кыптыыйы сытыылыыры элбэх киһи билбэт. Фольганы хас да төгүл бүк тутан баран кыптыыйгынан бытархай кыра дьураалары кырый. Бу ньыманан кыптыыйгыт да сытыыланар уонна иҥэн хаалбыт бээтинэлэри ыраастыаххыт.
Туох эмэ убаһаҕы кутарга фольганы өссө боруоҥка оннугар туһаныахха сөп. Маныаха фольганы хас да бүк тутуҥ, суптугур (конус) быһыылааҥ
уонна сэрэнэн бытыылкаҕа ууран баран убаҕаһы кутуҥ.
Тимир губка суох түгэнигэр, хаппыт эбэтэр аһылык хоруор-
бут иһитин сууйарга саамай табыгастаах. Ол курдук, фольганы кум-хам тутан илиигэр сөптөөх гына биир чөмөх оҥор уонна кирдээх иһити аалан сууй.
Саамай ыксаллаах кэмҥэ кэлэн тарбах саҕа кээмэйдээх (пальчиковай) батарыайка олорон эбэтэр суох буолан түбүгүрдэр. Кыра кээмэйдээх батарыайка баар түгэнигэр, кыһалҕаны быһаардым диэн сананыаххын сөп. Ол курдук, фольганы саар курдук төгүрүктүү эрийэн батарыайканы улаатыннаран бэриллэр. Ол эбэтэр ААА батарыайканы тарбах саҕа кээмэйдээххэ диэри улаатыннарыллар.
Дьиэ кырааскалыырга араас өҥнөөх кыраасканы туһаныаххын баҕарар, ол эрээри, кыраасканы кутарга биир эрэ лотуок баар түгэнигэр, фольганы туттуохха сөп. Кырааската суох лотуок үрдүгэр фольганы тэлгээн (хас да хос ордук) бүрүйүллэр уонна үрдүгэр кырааска кутуллар. Маннык үрүт-үрдүгэр ууран хас даҕаны араас өҥнөөх кырааскаҕа туһаныахха сөп.
Алюминиевай фольга хаһаайыстыбаҕа туһата элбэх. Олортон саамай сүрүннэринэн — үүнэн турар томаттар икки ардыларыгар тэлгээһин. Фольга сардаҥаны тэйитэрин быһыытынан, томат угугар туран түргэнник кытарарыгар көмөлөһөр. Онтон угугар буспут томат амтана ураты, битэмиинэ элбэх буолара чахчы.
Халыма-Индигиир уокуругар Ил Түмэн дьокутаата Гаврил Алексеев “Биир ньыгыл Арассыыйа” уопсастыбаннай приемнайыгар быыбардааччыларын кыһалҕаларын кытта…
Тохсунньу 30 күнүттэн Арассыыйа бары киинэ тыйаатырдарыгар режиссер Константин Буслов "Злой город" диэн киинэтэ көстүөҕэ.…
Үөрэх, билим миниистирэ Нюргуна Соколова уонна Арассыыйа Дьоруойа, ыччат дьыалаларыгар, социальнай коммуникацияларга миниистир эбээһинэһин толорооччу…
Бу күннэргэ биһиги ааҕааччыбыт уоту туһаныыга төлөбүр туһунан мунаахсыйан ыйытыы биэрбит. Ыйытыы: Уоту туһаныы тарыыбыгар…
37%-нын кириип, 35%-нын кириип буолбатах ыалдьыы, 28%-нын COVID-19 ылаллар. Саха сиригэр сытыы респираторнай вируснай инфекция…
Дьыл Оҕуһун муоһа хаһан түһэрий диэн мөккүөр сыл аайы күөдьүйэр. Оттон дьиҥнээҕэ хайдаҕый? Саха төрүт…