“Аман өс” күрэҕи ыыттыбыт

“Аман өс” күрэҕи ыыттыбыт

19.02.2024, 18:20
Хаартыска: Бигэ Өрөкүй Бааһынай Уола.
Бөлөххө киир:

Олунньуга бэйэм көҕүлээн Ньурба улууһугар икки тэрээһини ыыттым. Бастаан олунньу 1 күнүгэр олохтоох дьаһалта уонна кулууп үлэһиттэрин көмөтүнэн Ньурба куораты кытта ыкса олорор Антоновка сэлиэнньэтигэр Дьыл оройун сиэрин-туомун оҥордубут. Итинник тэрээһини Саха сирин үрдүнэн Антоновкаҕа уонна Үөһээ Бүлүү Сургуулугар ыыттыбыт.

Дьиҥэр, Саха сирин үрдүнэн бүтүннүү оҥоһуллуон сөптөөх этэ да, атын улуустар өйдүү, өйүү иликтэр. Дьыл оройугар Антоновка 6-с кылааһыгар үөрэнэр оҕолор кэлэн кыттыстылар. Мин Дьыл оҕуһун хаамыытын, дьыл, сыл өйдөбүллэрин, уратыларын кэпсээтим.

Иккис тэрээһиним – Ньурбаҕа улуус кииннэммит ааҕар уораҕайыгар, бу тэрилтэ үлэһиттэрин кытта олунньу 7 күнүгэр улуустааҕы “Аман өс” күрэхпитин 24-с төгүлүн ыыттыбыт. Куолуһуттар күрэхтэһиилэрин куолуларын сүнньэ — Саха омук үөрэхтээхтэригэр Саҥа сурук диэн былырыын кулун тутар 31 күнүгэр “Илин” сурунаалга тахсыбыт биэс чулуу саха илии баттаан таһаарбыт суруктарын дьүүллэһии курдук барбыта. Куолу сүнньэ аһара ыарахан буолан кыттааччы аҕыйах эрээри, барыта үрдүк таһымҥа ааспытын тус бэйэм 752 сурутааччылаах үтүүбүм хоруутугар укпуппун ааҕааччылар киирэн көрүөххүтүн-истиэххитин сөп.

Бигэ Өрөкүй Бааһынай Уола.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -32°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: