Салгыы
«Аман өс» тилиннэ!

«Аман өс» тилиннэ!

12.02.2024, 15:57
Хаартыска: ааптар тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

1990-с сыллардаахха саха омук уһуктуутун чэбдик тыынын хабан хаалбыт дьон, оччотооҕуга Пушкин аатынан бибилэтиэкэ, бүгүн – Национальнай бибилэтиэкэ саха туруу дьонун төлкөлөөх түмсүүтүн киинэ буолбутун өйдүүр буолуохтаах. Бу мантан кэскилбитин түстүүр бары тэрээһиннэр ырытыллан, чочуллан, ситимнэнэн тахсыбыттара. Олунньу 9 күнүгэр ол кэми санатар өрө көтөҕүллүү, омук быһыытынан билинии истиҥ долгунугар куустарыы эмиэ бу дьиэҕэ буолан ааспыта долгутта.  

“1996 сыллаахха бу бибилэтиэкэ аактабай саалатыгар Юрий Иванович Васильев көҕүлээһининэн, Валентина Николаевна Павлова сүүрэн-көтөн тэрийиитинэн өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастакытын Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүн үрдүк таһымнаахтык ыытарга үлэлэспиппинэн киэн туттабын. Үгэскэ кубулуйбут тэрээһиммит — «Аман өс» араатардар күрэхтэрэ эмиэ 1996 сылтан саҕаламмыта. Бүгүн элбэх ыччат сахатын тылын өрө тутан, ыраастык саҥарарга-иҥэрэргэ дьулуһар буолла”, — диэтэ Ил Дархан уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатыгар Тыл сайдыытын сүрүннүүр салаа салайааччыта Римма Жиркова.

 «САХАЛЫЫ САҤА САТАРААТЫН, САХА ОМУК САЙЫННЫН!»

– диэн Алампа барахсан этиитин ис хоһоонун дириҥэтэн өйдөөтөххө, тылбытын кумааҕы иһигэр мунньан утутан кэбиспэккэ, күннэтэ туттан, дорҕоонноох түһүлгэлэр дуорааннаах күүстэрэ гынан сахалыы саҥанан салгыны хамсатар, өйү-санааны уһугуннарар, түмсүүнү түстүүр эрэ буоллахпытына саха сайдыыта салаллар, кэскилэ кэҥиир кыахтаах эбит. Санаатын сатаан сайа эппэт киһи төһө да киэҥ билиилээҕин иһин, муҥкук-тэҥкик көстүүлэнэрин, ситиһиэҕин ситиспэтин олох көрдөрөр. Ол да иһин былыргы Грецияҕа риториканы – тылынан итэҕэтэр, уустаан-ураннаан саҥарар дьоҕуру сайыннарыыны үөрэх булгуччулаах тиһигэр киллэрдэхтэрэ. Риторика билим уонна ускуустуба көрүҥүгэр кубулуйар, философия сайдыытыгар тиэрдэр. Оттон философия өй-санаа сайдыытыгар тиэрдэн — Греция киһи аймах бүттүүнүн сайдыытын биһигэ буолар.

Тыллаах-өстөөх, “сир түннүгэ” дэтэр дьон сахаларга да былыргыттан бааллар, бар дьон ортотугар кэрэхсэтэллэр. Айдарыыбыт ити өрүтүн таба тайанан, уһуктуу кэмигэр “АМАН ӨС” күрэҕи тэрийбит дьоҥҥо сүгүрүйүөх кэриҥнээхпит. Валентина Павлова  ахтарынан, күрэххэ хара бастакыттан кыттар баҕалаах элбэх эбит. Арай өйөбүл, күрэс дьонун тугунан эмит бэлиэтиир кыах уҕараатар уҕараан, тэрээһин уота-күөһэ умуллубут. Бу быйыл, Лариса Кычкина  салайааччылаах Национальнай бибилэтиэкэ кыраайы үөрэтэр салаата көҕүлээһининэн АМАН ӨС иккистээн тилиннэ. Күрэскэ өрөспүүбүлүкэ салалтата болҕомтотун уурбута Ил Дархан дьаһалтатын салайааччыта Георгий Михайлов бэйэтин анал бирииһин анаабытыгар да көстөр.

САХАЛЫЫ САҤАРАР ЫЧЧАТ БААР ДУО?

Кыттааччылары быйыл сүрүннээн орто, үрдүк үөрэх кыһаларын устудьуоннарыттан талбыттар. Ол курдук манна ХИФУ, АГИКИ, Култуура уонна ускуустуба кэллиэһин, Креативнай индустрия кэллиэһин, Ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба кэллиэһин, Дьокуускайдааҕы педагогика кэллиэһин, Намнааҕы педагогика кэллиэһин, Бүлүүтээҕи педагогика учуулуссатын, Тимир суол тырааныспарын тиэхиникумун, Аптамабыыл суолун-ииһин тиэхиникумун, Муусука учуулуссатын устудьуоннарын, биир “Якутскэкосети” ХЭТ үлэһитин, биир бибилэтиэкэри – барыта 36 киһини иһиттибит. Бу үөрэх кыһаларыгар, тимир суол тиэхиникумугар тиийэ, төрөөбүт тыл үөрэтиллэр, ирдэнэр эбит. Сэттэ киһилээх дьүүллүүр сүбэни  педагогика билимин хандьыдаата, СӨ Билимин академиятын төрөөбүт тылы чинчийэр киинин сүрүн билим үлэһитэ Светлана Семенова салайда.

Оҕолор эрдэ бэлэмнэммиттэринэн: төрөөбүт тыл, төрүччү, үлэ суолтатын, кинигэ, дьол, дойду туһунан өйдөбүллэри сайыннаран, биэс мүнүүтэ иһигэр тыл эттилэр. Кинилэртэн тоҕус чулуу талыллан, иккис түһүмэххэ киирдэ. Бастыҥнарга киирбэтэ да буоллар, Любомир Никифоров диэн уолан, нуучча тылынан үөрэммит да буолларбын, кыттарга холонобун диэн дьон иннигэр тахсыбытын хайгыы санаатым.

Дьүүллүүр сүбэ үлэлиир кэмигэр кыттааччылар бибилэтиэкэ үлэһитэ, ыытааччы Анисия Иевлева салалтатынан сынньалаҥнарын көхтөөхтүк атаардылар: оонньоотулар, күллүлэр-үөрдүлэр, оһуокайдаатылар. Атын-атын үөрэх кыһаларыттан сылдьар, Мэҥэ Хаҥаластан, Үөһээ Бүлүүттэн, Бүлүүттэн, Намтан, Тааттаттан, Сунтаартан, Кэбээйиттэн, Хаҥаластан уонна Дьокуускай куораттан төрүттээх эдэр дьоҥҥо, кырдьык да, умнуллубат түгэн буолла быһыылаах. Бу түһүлгэҕэ оноолоох соннорун анньыммыт, көмүс курга куустарбыт уолан дьон элбэхтэрэ үөрдэр. Бэйэм маннык түһүлгэлэри салайан, ыытан кэлбит киһи быһыытынан, ыытааччы Анисия Иевлеваны олус хайгыы көрдүм-иһиттим. Бу сахалыы саҥарара ырааһа, оруннааҕа, ханнык баҕарар түгэни сөпкө хабан ылан, хайысхалаан биэрэрэ… Кини саҥатыгар оннооҕор үнүстүүт, үнүбэрсиэт диэн дьон соччо ылыммат тыллара сыа курдук сымнаан, ис киирбэхтик иһилиннилэр.

Иккис түһүмэххэ тахсыбыттар “Оҕо саас туһунан” диэн соһуччу сорудахха бэлэмнэниитэ суох этэн-тыынан холоннулар. Түмүгэр “Дархан этээччи” диэн бастакы миэстэни А.Д.Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы култуура уонна ускуустуба кэллиэһин устудьуона Семен Павлов; “Өркөн этээччи” диэн иккис миэстэни ХИФУ норуоттар тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн устудьуона Никита Айанньыытап; “Хомоҕой тыллаах” диэн үһүс миэстэни И.Е. Винокуров аатынан Намнааҕы кэллиэс устудьуона Матрена Пестрякова  ыллылар. Ону таһынан хас да оҕо анал аатынан бэлиэтэннэ. Дьиктитэ, бу үс бастыҥ ааты ылбыт ыччат – Үөһэ Бүлүүттэн төрүттээхтэр. Бу улууска ийэ тыл тула күүстээх үлэ өр кэмҥэ ыытыллыбытын үтүө түмүктэриттэн биирдэстэрэ бу көһүннэ.

Бириистэри Ил Түмэн, СӨ Бырабыыталыстыбата, «Айар» национальнай кинигэ кыһата, «Көмүөл» кинигэ кыһата, «Чолбон» сурунаал, Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын үнүстүүтэ, «Көмүлүөк» уонна «Чороон» тэрилтэлэр туруордулар. Туспа болҕомтону “Аман өс” күрэх 2001 с. кыайыылааҕа Геннадий Жирков дьүүллүүр сүбэҕэ олорбута, бэйэтин анал бирииһин туттарбыта, кыттааччыларга уоттаах-төлөннөөх алгыс тылын эппитэ  тарта. Бэйэтин анал бирииһин тыл билимин дуоктара Варвара Окорокова биэрбитэ эмиэ үтүө холобур буолар кэриҥнээх.

Тэрийээччилэр сүбэ мунньахтарыгар күрэһи икки сылга биирдэ, сыл аайы түөртэ, сылга иккитэ, сылга биирдэ ыытыахха диэн этиилэр киирдилэр. Ити түгэн салгыы кэпсэтиллэн оннун булуо. Сүрүнэ – “АМАН ӨС” тилиннэ. Национальнай бибилэтиэкэ салалтатыгар, үлэһиттэригэр уруй-айхал!

Наталья МИХАЛЕВА-САЙА

+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -35°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: