Амарах санаа үүйэ-хаайа туттаҕына – үтүө дьыала оҥоһуллар

Амарах санаа үүйэ-хаайа туттаҕына – үтүө дьыала оҥоһуллар

15.11.2022, 16:30
Бөлөххө киир:

Суһал байыаннай хомуурга барбыт дьоммутугар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөр, өйөбүлү оҥорор тэрээһиннэр тиһиктээхтик ыытыллаллар.

Оттон күн аайы Орджоникидзе уулуссатын 10 №-дээх дьиэтигэр баар Көмө хомуйар анал пууҥҥа тэрилтэлэр даҕаны, биирдиилээн даҕаны дьон ким туох кыахтааҕынан көмөлөрүн аҕала тураллар.
Бүгүн пууҥҥа аҕас-балыс Татьяна Григорьева уонна Марина Иванова ис дууһаларыттан, сүрэхтэрин баҕатынан биир дьааһык эмп-томп көмө аҕаллылар. Бу эмтэрэ барыта аптекаттан ылыллыбытын туһунан туоһу суруктаах. Татьяна эһээхэй оҕолоох буолан, түргэн үлүгэрдик эмтээх дьааһыктарын туттараат, ааны былдьаһаллар. Ол да буоллар, кылгастык санаатын үллэстэр:
«Ватсаап ситимнэринэн анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар араас эмп-томп, таҥас сап наада диэн элбэхтик суруллар. Ардыгар саллааттарбыт араанньа буолбуттарын, эмп-томп тиийбэтин туһунан, онтон да атын араас сурахтар, видеолар да тарҕаналлар. Итини көрөммүн, истэммин, мин эмиэ уол оҕолоох ийэ буоларым быһыытынан, олус долгуйабын, хайдах эрэ бу оҕолорго тугунан эмэ көмөлөспүт киһи диэн санаа үүйэ-хаайа туппута. Оҕолорбут барахсаттары аһына санаан, балтыбын кытары көмөлөһөргө санаммыппыт. Ыллыҥ да үп-харчы була охсубаккын, оттон көмөлөһөр санаа олус күүстээх. Балтыбын кытары «Мэри Кэй» бородууксуйатын тарҕатааччы-консултаан буолабыт. Эбиитин билиҥҥи аан дойду балаһыанньатынан бородууксуйабыт кэлиитэ, батарыыта хааччахтанна, онон барыс да суох. Аны эһээхэй оҕолоох буоламмын, билигин ол бородууксуйабын атыылыыр, сүүрэр-көтөр да кыаҕым суох. Ол иһин бэйэм бөлөхпөр баар кыргыттарбын көрдөһөн, бородууксуйабытын тарҕаттаран, онтон киирбит хамнаспынан кыттыһан бу эмп атыыластыбыт. Онон кыргыттарбар улахан махталбын тириэрдэбин», – диир Татьяна уонна бастаан Дьокуускай куоракка көмө оҥорор пуун баарын билэммин, эрдэ онно тиийэ сылдьан, чопчу туох наадатын ыйытан, эмп-томп ыларга быһаарыммыт диэн кэпсиир. Сүрүннээн антибиотиктары, бааһырыыга туттуллар томпуоннары уонна жгуттары ылбыттар.


Үтүө дьыала, амарах сыһыан хаһан баҕарар, ханна баҕарар үрдүктүк тутуллар. «Үтүө үтүөнэн эргиллиэ» диэн мээнэҕэ эппэттэр, ол сиэринэн үтүөнү оҥордоххуна бэйэҕэр эмиэ оннук буолар. Үтүө санаа хаһан баҕарар кэскили түстүүр аналлаах.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
2 декабря
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 69% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: