Америка бэрэсидьиэнин быыбара: Трамп кыайыыта
Америка Холбоһуктаах Штаттарын бэрэсидьиэнин быыбарын бастакы түһүмэҕэ сэтинньи 5 күнүнэн түмүктэннэ. Сүрүн киирсии, үгэс быһыытынан, Демократическай уонна Өрөспүүбүлүкэтээҕи баартыйалар икки ардыларыгар барда. Сорох штаттарга балтараа ый курдук барбыт быыбар түмүгэ билиннэ: бизнесмен Дональд Трамп бу сырыыга реванш ылан, кыайыылааҕынан таҕыста.
Америка быыбардыыр систиэмэтэ
Америка Холбоһуктаах Штаттарын бэрэсидьиэнин нэһилиэнньэ бүттүүн куоластаан талар курдук эрээри, систиэмэтэ арыый атын. Ол иһин бастаан Америка быыбардыыр систиэмэтин ылан көрүөххэ.
АХШ бэрэсидьиэнин быыбара икки түһүмэҕинэн ыытыллар. Бастаан нэһилиэнньэ бүттүүн куоластаан штаттарынан быыбардааччылар кэллиэгийэлэрэ диэни талар. Бу кэллиэгийэҕэ штаттартан быыбарга турбут хандьыдааттарга куоластыахтаах дэлэгээттэр талыллаллар. Америка барыта 50 штаттан уонна Колумбия уокуругуттан (Вашингтон куорат) турар, онно хас быыбардааччы баарыттан көрөн, барыта 538 дэлэгээт талыллар. Салгыы бу дэлэгээттэр нэһилиэнньэ накааһын толорон, эрэннэрбит хандьыдааттарыгар куоластарын биэрэллэр. Бэрэсидьиэн буолуохтаах хандьыдаат бу 538 куоластан 270-тан элбэҕи ылыахтаах.
Манна интэриэһинэйэ баар, 48 штакка уонна Вашингтон куоракка “кыайыылаах барытын ылар” диэн быраабыла баар. Ол эбэтэр ханнык эмэ штакка нэһилиэнньэ баһыйар үгүс ахсаанын ылбыт хандьыдаат, ол штат дэлэгээттэрин куолаһын барытын ылар. Маннык быраабыланан 2016 сыллаахха Дональд Трамп кыайан турар. Ити сыл демократтартан турбут Хиллари Клинтон быыбар бастакы түһүмэҕэр быыбардааччылар уопсай ахсааннарыттан 65,8 мөлүйүөн киһи куолаһын ылбыта, оттон Трамп – 62,9 мөлүйүөнү. Ол эрээри Трамп быыбардааччылар кэллиэгийэлэрин 306 куолаһын ылан, бэрэсидьиэнинэн талыллыбыта. Ол иһин штаттарга үлэни ыытар бэрэсидьиэн быыбарыгар олус улахан суолталаах.
Барыллаан түмүккэ, Дональд Трамп 295 дэлэгээт куолаһын ылла. Оттон Камала Харрис – 226.
Америка бэрэсидьиэнин быыбарыгар ханнык баҕарар баартыйаттан эбэтэр бэйэ кандидатуратын туруорунан кыттыахха сөп. Ол эрээри, үгэс курдук, быыбар кэмигэр икки улахан баартыйа: Өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна Демократическай, илин-кэлин түсүһэллэр. Устуоруйаттан ылан эттэххэ, 1853 сылтан бэттэх бу икки баартыйа хандьыдаатыттан ураты ханнык да баартыйаттан бэрэсидьиэн тахса илик.
Быыбарга ким кыттыбытай?
Бэрэсидьиэн быыбарыгар бэлэмнэнии Америкаҕа олус күүскэ саҕаламмыта. Сорох хандьыдааттар быыбарга кытталларын туһунан өссө икки сыллааҕыта биллэрбиттэрэ. Холобур, Өрөспүүбүлүкэтээҕи баартыйаттан АХШ 45-с бэрэсидьиэнинэн олорбут бизнесмен Дональд Трамп быыбарга кыттарын туһунан 2022 сыллаахха иһитиннэрбитэ. Оттон Демократтартан ким туруоҕай диэн боппуруоска, билигин дойдуну салайан олорор Джо Байден иккис болдьохпор барабын диэн праймеризка кыттыбыта. Праймеризка, кырдьык, бу икки бөдөҥ бэлиитиккэ ким да таһаҕас буолбатаҕа. Сэрэйиллибитин курдук, баартыйалар истэригэр Байден уонна Трамп инники күөҥҥэ тахсыбыттара.
Манна санатан этиим, бу икки бэлиитик 2020 сыллаахха ыытыллыбыт быыбарга эмиэ утарыта көрсүспүтэ. Өскөтүн оччолорго быыбар хампаанньатын кэмигэр Дональд Трамп бэйэтин баартыйатын иһигэр кими да саҥардыбатах буоллаҕына, Джозеф Байдеҥҥа Вермонт штатын сенатора Бернард Сандерс улахан утарсыыны таһаарбыта. Ол эрээри быыбарга Джо Байден тахсыбыта уонна быыбардааччылар кэллиэгийэлэрин 306 куолаһын ылан, бэрэсидьиэнинэн талыллыбыта. Нэһилиэнньэ да киниэхэ баһыйар үгүс куолаһы биэрбитэ. Байдеҥҥа – 81,2 мөлүйүөн киһи, Трампка – 74,2 мөлүйүөн. Онон Дональд Трамп Америка быыбарын устуоруйатыгар иккис болдьохторугар кыайан олорботох бэрэсидьиэннэр ахсааннарыгар киирбитэ.
Ол эрээри быйылгы хартыына олох атын өттүттэн эргийэн таҕыста. Джо Байден уонна Дональд Трамп праймеризка инники күөҥҥэ тахсыбыттара эрээри, демократтар истэригэр былырыын кыһыҥҥыттан “кутуйах хааман киирэн барбыта”. Салайан олорор баартыйа рейтинэ аҕыйах ый иһигэр таҥнары курулаабыта. Онно хас да төрүөт баар. Аны туран, Джо Байден хандьыдааттар бэйэ-бэйэлэрин кытары дебаттарга киирсиилэригэр лаппа баһыйтарар буолбута. Онон бу сайын от ыйыгар, быыбар буолара олох аҕыйах ый хаалбытын кэннэ, Джо Байден вице-бэрэсидьиэн Камала Харрис туһатыгар бэйэм кандидатурабын уһулабын диэн биллэрбитэ.
Онон быыбар бүлүтүөнүгэр сүрүн киирсээччилэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи баартыйаттан Дональд Трамп уонна Демократическай баартыйаттан Камала Харрис буолбуттара. Кинилэри таһынан, быыбарга “Либертарианская партия”, “Партия зеленых”, “Американская партия солидарности”, о.д.а. барыта уонтан тахса баартыйа бэйэлэрин кандидатураларын туруорбуттара.
Быыбар хаамыыта
Дональд Трамп бэйэтин электоратын, Америка бэйэтин ис кыһалҕаларыгар болҕомто уурар кэмэ кэллэ, хайа муҥун тас дойдуларынан эрэ дьарыктана олоруохпутуй, дойду экэниэмикэтин өрө таһаарарбыт уолдьаста диэн хара маҥнайгыттан илиитигэр туппута. Уонна миграция боппуруоһун күүскэ туруорбута. Кэлиҥҥи кэмҥэ Америкаҕа Бразилияттан, Венесуэлаттан, Гаититтан, Индияттан, Колумбияттан, Кубаттан, Мексикаттан, Никарагуаттан, Сальвадортан, Украинаттан, Эквадортан олус элбэх киһи кыраныыссаны туораабыта, олор үгүстэрэ докумуона суох сылдьаллара бэлиэтэммит. Ол, биллэн турар, дойду экэниэмикэтигэр, үлэтин ырыынагар, нэһилиэнньэтин олоҕор барытыгар дьайа турар. Ону сэргэ кэлиҥҥи сылларга Америка Украинаҕа, Израильга көмөлөһө олороро эмиэ нэһилиэнньэ өттүттэн утарсыыны көрсүбүтэ биллэр. Улахан куораттартан саҕалаан үгүс штакка субу-субу миитиннэр буолуталыыллара иһиллибитэ. Итини таһынан, экэниэмикэ үгүс эйгэтигэр, ол иһигэр доруобуйа харыстабылыгар, үөрэхтээһиҥҥэ, тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа, о.д.а. боппуруостарга дьон-сэргэ таҥнары түһүү бара турарын бэлиэтээбитэ. Онон быа синньигэс сиринэн быстар дииллэринии, Дональд Трамп быыбарын хампаанньатыгар салайан олорор баартыйа сыыһатын бэйэтин туһатыгар олус үчүгэйдик тардан ылбыта көстөр.
Оттон Демократическай баартыйа туһунан эттэххэ, Камала Харрис 2021 сылтан АХШ вице-бэрэсидьиэнинэн талыллыбыта. Санатан этиим, быыбарга бэрэсидьиэни кытары вице-бэрэсидьиэн бүлүтүөҥҥэ тэҥҥэ суруллан талыллар. Ол курдук, Камала Харрис 2020 сыллаахха буолбут быыбарга Джо Байдены кытары тэҥҥэ быыбарга кыттыбыта. Кини афроамериканка дьахталлартан аан бастакынан АХШ вице-бэрэсидьиэнинэн үлэлээбит бэлиитигинэн буолар. Өр сылларга борокуруорунан, сенаторынан үлэлээбит Камала Харрис, дьиҥэр, миграция боппуруоһугар сытыытык киирсиэ суох эбит да, бу сырыыга ити боппуруос кинини утары үлэлээтэ. Онон уопсай түмүккэ нэһилиэнньэ 2017-2020 сыллардааҕы кэмин ностальгиялаан, Дональд Трампка иккиһин бэрэсидьиэн буоларыгар кыах биэрдэ.
Быыбар түмүгэ
Америка быыбардыыр систиэмэтигэр штаттарынан тус-туһунан быраабыла баар. Онон эрдэ куоластааһын ньыматынан сорох сирдэргэ сүрүн быыбар буолуо балтараа ый иннинэ дьоннор быыбардаан саҕалаабыттара. Киин бэчээт иһитиннэрбитинэн, АХШ-гар барыта 82 мөлүйүөнтэн тахса киһи эрдэ куоластаабыт.
Ордук ханнык штаттарга киирсии барда диэтэххэ, Пенсильвания, Джорджия, Хотугу Каролина, Мичиган, Аризона, Висконсин уонна Невада штаттара быыбар хаамыытыгар улахан сабыдыалы оҥордулар.
Барыллаан түмүккэ, Дональд Трамп 295 дэлэгээт куолаһын ылла. Оттон Камала Харрис – 226. Ону сэргэ барыллаан түмүк да көрдөрүнэн, бу сырыыга Трамп куоластааччылар баһыйар үгүс ахсааннарын ылбыта көстөр. Дональд Трамп туһатыгар – 72,1 мөлүйүөн киһи, Харриска – 67,3 мөлүйүөн киһи. Бу иннинээҕи быыбарга кыайарыгар Трампка нэһилиэнньэ ахсаанынан аҕыйах куолаһы биэрбитэ.
АХШ бэрэсидьиэнэ түөрт сылга болдьохтонон быыбарданар. Быйыл бэрэсидьиэн быыбара 60-с төгүлүн ыытылынна. Бэрэсидьиэн быыбарын сэргэ АХШ Сената уонна Бэрэстэбиитэллэрин палаатата талыллар. Дональд Трамп сэтинньи 6 күнүгэр барыллаан түмүк тахсаатын кытары кыайыытын номнуо бэлиэтээн барбыта. Кинини үгүс дойду салайааччыта эҕэрдэлээбитэ. Быыбар сокуонугар олоҕуран, инаугурацията эһиил тохсунньу 20 күнүгэр ыытыллыаҕа.
ХААРТЫСКА REUTERS СААЙТЫТТАН
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: