Бүгүн, кулун тутар 12 күнүгэр, Амма улууһун Абаҕа кыракый бөһүөлэгин олохтоохторугар эрэ буолбакка, бүтүн Саха сиригэр үөрүүлээх түгэн буолла. Тыа сиригэр саҥа оскуола-оҕо уһуйаана аһылынна. Дьиэ уопсай иэнэ 4,7 тыһыынча кв. миэтэрэ.
Оскуола дириэктэрэ Людмила Александрова этэринэн, бу түгэни 30-тан тахса сыл күүппүттэр. 1971 сыллааҕы оскуола эргэ дьиэтэ өссө 2010 сыллаахха саахалланар хаарбах туруктааҕынан быһаарыллыбыт. Онон бу кэнники сылларга оҕолор икки сменанан кыараҕас уонна тымныы кылаастарынан үөрэммиттэр.
Саҥа эбийиэк үс сыл иһигэр тутулунна. Оскуоланы уонна оҕо уһуйаанын бииргэ холбуур туһунан быһаарыы оҕо уһуйаанын дьиэтэ эмиэ саахалланар туруктааҕынан быһаарыллыбыт. Саҥа үөрэх куорпуһа оскуолаҕа 150 миэстэлээх уонна оҕо уһуйааныгар 75 миэстэлээх суоттаммыт.
Начаалынай кылаас үөрэнээччилэригэр 14 үөрэх миэстэтигэр түөрт кылаас көрүллүбүт. Тимиртэн уонна мастан уһанар, таҥас тигэр мастарыскыайдар, ас буһарар, үүнээйи үүннэрэр анал хостор бааллар. Ону тэҥэ мэдиссиинэ куорпуһа, успуорт уонна актовай саалалар, 80 миэстэлээх остолобуой, логопед уонна учууталлар хосторо тэриллибиттэр. Улахан кылаас оҕолоругар лабораториялар, лингафоннай кылаастар, информатика, уруһуй уонна черчение хосторо, ааҕар саала уонна бибилэтиэкэ, о.д.а. бааллар.
Оҕо уһуйаана 7 сааһыгар диэри оҕолорго түөрт бөлөххө суоттаммыт. Онно физкултуура уонна муусука дьарыктарын ыытыыга саала, веранда, сэбиэдиссэй, логопед уонна мэдэссиинэ үлэһитин хосторо оҥоһуллубуттар. Бырайыак быһыытынан биир мэндиэмэннээх оҕо уһуйаанын дьиэтэ уонна икки этээстээх оскуола уопсай коридорынан уонна остолобуой ситиминэн холбонуллар.
Билигин оскуолаҕа 150 оҕо үөрэнэр, оҕо уһуйааныгар 60 оҕо сылдьар. Кинилэр бары ситиһиилээхтик үөрэнэллэригэр, айымньылаах кыахтарын арыйалларыгар бары кыахтары арыйар дьиҥнээх бэлэх оҥоһулунна.
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038