Бэҕэһээ Саха сирин суоппардара идэлээх бырааһынньыктарын бэлиэтээтилэр.
Биллэн турар, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор сэбиэскэй кэм суоппардара болҕомто киинигэр сырыттылар. Кинилэртэн биирдэстэрэ — Амма улууһун Абаҕа нэһилиэгин олохтооҕо Николай Гоголев. Кырдьаҕас суоппар туһунан кыыһа Александра Гоголева туһунан бу маннык кэпсиир:
— Биһиги аҕабыт Николай Алексеевич Гоголев 1967 сылтан Ньурбаҕа суоппар үөрэҕин бүтэриэҕиттэн ыла холхуоска уонна сопхуоска окко, ыһыыга үлэлээн саҕалаабыта.
Онтон 1974 сылтан 1994 сылга диэри киин автопааркаҕа суоппарынан сопхуос араас үлэлэригэр сылдьыбыта. Сопхуос бириэмэтигэр киин автопаарка наһаа үчүгэйдик, күргүөмнээхтик үлэлээн ньиргийэн турбута. Оччолорго мастарыскыай, гараас, ыскылаат, хочуолунай, харабыл дьиэтэ биир тиэргэҥҥэ бааллара. Николай Алексеевич араас эриэйстэргэ өрөспүүбүлүкэ оройуоннарыттан, Большой Невертэн таһаҕас бөҕөнү күнүстэри-түүннэри, кыһыннары-сайыннары тиэйэрэ.
Маны таһынан, сопхуос араас үлэлэригэр: от, хомуур үлэтигэр, мас, эбии аһылык бэлэмнээһиннэригэр, субуотунньукка сылдьара, нэһилиэк тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттара. Аҕабыт «Строд» сопхуос хас да төгүллээх лауреата, оройуон чөмпүйүөн суоппара буолбута.
Амма улууһун Абаҕа нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, «СӨ автомобильнай тырааныспарын Бочуоттаах үлэһитэ» бэлиэнэн наҕараадаламмыта. Таһаарыылаах, үчүгэй көрдөрүүлээх үлэтин иһин 1981 сыллаахха Амма улууһун аатыттан Москва куоракка ВДНХ-ҕа буолбут быыстапкаҕа кыттыбыта.
Кэлин үлэлээн бүтэн баран, урбаанньытынан сылдьан, таксилаабыта. Нэһилиэк олохтоохторун куоратынан, улуустарынан тиэйэрэ, араас тэрээһиннэргэ оҕолору, улахан дьону таһара. Билигин төһө да бочуоттаах сынньалаҥҥа олордор, дьон көрдөһүүтүнэн күрэхтэһиилэргэ, мусуойдарга, өйдөбүнньүк сирдэргэ үөрэ-көтө илдьэр.
Аҕабыт биһиэхэ, оҕолоругар, чугас аймах дьонугар эрэ буолбакка, биир дойдулаахтарыгар, ыччаттарыгар холобур буолар. Биһиги кининэн киэн туттабыт. Аҕабыт өрүү: «Үлэ киһини киэргэппэт, киһи үлэни киэргэтэр»- диэн билигин да барыбытын үөрэтэр.
"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…
Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…
Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…
Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…
РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…
Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…