От ыйын күнүгэр Нассынаалынай бэчээт күнэ бэлиэтэнэр. Бу бэлиэ күнү көрсө оҕо литэрэтиирэтигэр норуот суруйааччыта Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйын аатынан литэрэтиирнэй бириэмийэни суруйааччы Евдокия Иринцееваҕа-Огдоҕо аныыр туһунан ыйаахха Ил Дархан Айсен Николаев илии баттаата.
Евдокия Иринцеева өр сылларга «Бэлэм буол», «Кэскил» оҕо хаһыаттарыгар үлэлээбитэ. Бу кэмҥэ Амма Аччыгыйын кытта бииргэ үлэлээн, алтыһан ааспыта. Билигин С.А. Новгородов аатынан «Айар» кинигэ кыһатыгар эрэдээктэринэн үлэлиир.
Оҕолорго анаммыт хас да кинигэлэрдээх. Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. Айымньылара английскайдыы, буряттыы тылбаастаммыттара.
Дьокуускай куорат киинигэр, Чернышевскай уулуссатыгар 12 этээстээх аныгы гостиница тутуллуоҕа. Бу туһунан Ил Дархан "РИК"…
Ааспыт үйэ 60 сылларыгар, оскуола диэни өссө да билэ илик кыра оҕо, эбээ тапталлаах сиэнэ…
Зонтик туһунан кыһынын умнабыт. Оттон сайын ардахтар саҕаланнылар да, зонтикпыт үрдүгэр түһэбит. Билигин зонтик арааһа…
РФ бырабыыталыстыбата 2025-2027 сылларга босхо мэдисиинискэй көмө саҥардыллыбыт бырагырааматын бигэргэттэ. Бу туһунан миниистирдэр кэбиниэттэрин тг-ханаалыгар…
Амма улууһугар 2013 сылтан дьоҥҥо киэҥник биһирэммит сыыры оҥороллор. Билигин ити сыыр өрөспүүбүлүкэ маҕаһыыннарыгар эрэ…
Чокуур Гаврильев токкоолуурунан, бу Арктикаҕа сытар муус арыыны АХШ холбооботор да, анныгар уктар чинчилээх.