Амма Аччыгыйын айымньыларыгар ох тыллар
Бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, норуот суруйааччыта, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйа төрөөбүтэ 118 сыла.
Филология наукатын хандьыдаата Михаил Чооруоһап «Амма Аччыгыйын айымньыларыгар ох тыллар» ыстатыйатыгар: «Амма Аччыгыйа биһиги литературабытыгар бастакылартан биирдэстэринэн ох тылы туттуу үтүө холобурун көрдөрбүт үтүөлээх суруйааччы буолар. Кини уустук санааны уу сахалыы бэргэнник этии маастарын быһыытынан сыаналанар», -– диэн бэлиэтээн эппитэ.
Бүгүн Амма Аччыгыйын аатынан Харбалахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугун саха тылын уонна литературатын учуутала Валентина Семеновна Кривошапкина хомуйан оҥорбут презентациятыттан Амма Аччыгыйын айымньыларыттан ох тыллары билиһиннэрэбит:
«Таптыыр үлэҥ ырыа курдук эбээт, тахсардаах, тахсыбаттаах. Таҕыстар эрэ, тохтуоххун баҕарбаккын. Суруйааччы төһө талааннаах да, соччонон ордук кичэйэн, эрэйдэнэн үлэлиир».
«Норуот дьулуурун өргөһүн, норуот сүрэҕин төлөнүн иҥэринэн үөскээбит, үүммүт дьон ортотуттан геройдар тахсаллар».
«Бэйэҥ долгуйбакка туран, дьону долгутуом, аҥардас өйүм-билиим ордугунан баһыйан умсугутуом, долгутуом диэн саараама даҕаны».
«Дьолу үксүгэр аһаран баран өйдүүбүт эбээт биһиги, дьон ортолоро. Чэгиэни — ыалдьа сытан, эдэри -– кырдьан иһэн, доҕору хомотон баран өйдүүбүт».
«Үтүө киһи сүрүн бэлиэтэ -– бииргэ үлэлиир доҕотторун үрдэтэ, кинилэри киэргэтэ, бэлиэтии сылдьар».
«Дьиҥ күүстээх уонна дьиҥ кэрэ хаһан да айдаана-дарбаана суох, сэмэй буолааччы».
«Аан дойдуга туохтан да үчүгэй -– эйэ, туохтан да куһаҕан -– иҥсэ баар.
«Кырдьык кимиэхэ да балыйтарбат, сырдык туохха да хаххалаппат, ньургун сүрэх туохтан да дьулайбат».
«Чэпчэки суол сыаната эмиэ чэпчэки».
«Хаһан биһиги атыттары сирбэккэ эрэ, кими хайҕаабыппыт баарай?»
«Туга да гыммат баар эбит, улахан сылаалаах «үлэ»».
«Тус-туспа тотуохтааҕар бииргэ аччыктаабыт эмиэ ордук буолааччы».
«Киһи көхсүгэр көстө сылдьар кыната суох. Кини сытыы кыната -– өйүн, сүрэҕин дьулуура».
«Этэр тыл эриэккэһэ уонна сүрэх иэйиитин эрчимэ тус-туспа төрүттээх буолуохтарын сатаммат».
«Биэспитигэр да, биэс уоммутугар да биирбит эбээт биһиги ийэлэргэ…».
«Доҕор көһүннэҕинэ, күүс холбонно да, эн барыны тулуйуоҥ, барыны кыайыаҥ».
«Эдэр эрдэххэ, өлөр-кырдьар туһунан санаммат эбээт, үксүгэр, чэ, бэйи, хойут диэн иһэҕин».
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: