Амма баһаарынайдара үтүө дьыалаҕа кыттыһаллар
09.11.2022, 19:25
Бөлөххө киир:
Быстах хомуурга уонна баҕа өттүнэн хантараагынан барбыт дьон дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөр, өйөбүлү оҥорор өрөспүүбүлүкэтээҕи аахсыйа салҕанан барар.
Мобилизация эмискэ саҕаланан хаһаайыстыбаларын көрө сылдьыбыт уолаттара, аҕалара барбыт дьиэ кэргэттэр тыа сирин тыйыс усулуобуйатыгар, кыстыкка киириигэ кыһалҕаны көрсүбүттэрэ баар суол. Үөскээбит кыһалҕаны туоратар сыаллаах өрөспүүбүлүкэҕэ араас дьаһаллар ылыллаллар, тэрээһиннэр ыытыллаллар.
Бу күннэргэ Амма улууһун баһаарынайдара бу аахсыйаҕа кыттыһан анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар биир дойдулаахтарын дьиэ кэргэттэригэр кыстыыр мастарын бэлэмнээн биэрдилэр. Бу күннэргэ барыта 7 дьиэ кэргэҥҥэ 32,5 куб маһы тиэйэн аҕалан, хайытан, сааһылаан биэрэннэр, дьон махталын ыллылар.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: