Амма бочуоттаах олохтооҕо Владимир Путинтан уонна Ил Дархантан эҕэрдэ сурук тутта
Амма нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ «1941-1945 сс. Аҕа дойду улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин»,» «Үлэ бэтэрээнэ» мэтээллэр хаһаайката, коммунистическай үлэ ударнига, 8 оҕо күндү ийэтэ, 17 сиэн тапталлаах эбээтэ Татьяна Петровна Петрова 90 сааһын туолла.
Кинини бу бэлиэ күнүнэн алгыс тылларын этэ Амма улууһун салалтатын аатыттан баһылыгы социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Нюргуяна Илларионова, нэһилиэк салалтатыттан Василий Дьяконов уонна социальнай көмүскэл управлениятыттан Сахая Тарасовна тиийэн эҕэрдэлээтилэр диэн улуус дьаһалтатын телеграм ханаалыгар иһитиннэрдилэр.
-Татьяна Петровна от ыйын 4 күнүгэр 1934 с. Орджоникидзевскай (билигин Хаҥалас) оройуонун Идьаҕар нэһилиэгэр төрөөбүтэ, 13 оҕоттон убайынаан 2 буолан хаалаахтаабыттар. 1941-1945 сс. начальнай оскуолаҕа Орто-Кытыл диэн нэһилиэккэ үөрэммитэ, 4 кылааһы бүтэрбитэ. 14 сааһыттан колхозка ыанньыксытынан үлэлии киирбитэ, ол да буоллар эдэр сылдьан фермаҕа ханнык баҕарар үлэни толорооччута. 1954 сыллаахха тырахтарыыстар куурустарын бүтэрэн Орджоникидзевскай Булгунньахтаах нэһилиэгигэр тырахтарыыһынан үлэлээбитэ. 1971 сыллаахха ыал буолан Амма оройуонугар көһөн кэлбитэ. 1974 сылтан 1999 сылга диэри пенсияҕа тахсыар диэри үтүө суобастаахтык техүлэһитинэн, Сбербаанҥа харабылынан үлэлээбитэ. Биир дойдулаахпыт, ытык киһибит өссө да уһуннук олор.Чэгиэн доруобуйаны, бигэ туругу баҕарабыт!, — диэн улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата суруйда.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: