Амма бочуоттаах олохтооҕо Владимир Путинтан уонна Ил Дархантан эҕэрдэ сурук тутта

Share

Амма нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ «1941-1945 сс. Аҕа дойду улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин»,» «Үлэ бэтэрээнэ» мэтээллэр хаһаайката, коммунистическай үлэ ударнига, 8 оҕо күндү ийэтэ, 17 сиэн тапталлаах эбээтэ Татьяна Петровна Петрова 90 сааһын туолла.

Кинини бу бэлиэ күнүнэн алгыс тылларын этэ Амма улууһун салалтатын аатыттан баһылыгы социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Нюргуяна Илларионова, нэһилиэк салалтатыттан Василий Дьяконов уонна социальнай көмүскэл управлениятыттан Сахая Тарасовна тиийэн эҕэрдэлээтилэр диэн улуус дьаһалтатын телеграм ханаалыгар иһитиннэрдилэр.

-Татьяна Петровна от ыйын 4 күнүгэр 1934 с. Орджоникидзевскай (билигин Хаҥалас) оройуонун Идьаҕар нэһилиэгэр төрөөбүтэ, 13 оҕоттон убайынаан 2 буолан хаалаахтаабыттар. 1941-1945 сс. начальнай оскуолаҕа Орто-Кытыл диэн нэһилиэккэ үөрэммитэ, 4 кылааһы бүтэрбитэ. 14 сааһыттан колхозка ыанньыксытынан үлэлии киирбитэ, ол да буоллар эдэр сылдьан фермаҕа ханнык баҕарар үлэни толорооччута. 1954 сыллаахха тырахтарыыстар куурустарын бүтэрэн Орджоникидзевскай Булгунньахтаах нэһилиэгигэр тырахтарыыһынан үлэлээбитэ. 1971 сыллаахха ыал буолан Амма оройуонугар көһөн кэлбитэ. 1974 сылтан 1999 сылга диэри пенсияҕа тахсыар диэри үтүө суобастаахтык техүлэһитинэн, Сбербаанҥа харабылынан үлэлээбитэ. Биир дойдулаахпыт, ытык киһибит өссө да уһуннук олор.Чэгиэн доруобуйаны, бигэ туругу баҕарабыт!, — диэн улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата  суруйда.

What’s your Reaction?
+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Суруйааччы бэйэтин кэмигэр куруутун махтаныахтаах

Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…

13 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

2 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

2 часа ago
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: быһаҕынан анньыллыы, наркотигынан эргинии…

Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйаҕа Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн  эҕэрдэлээтэ. -…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…

5 часов ago