Салгыы
Амма дьокутаата Софья Александрова: «Барыбыт баҕата биир — Кыайыы кэлэ оҕустун!»

Амма дьокутаата Софья Александрова: «Барыбыт баҕата биир — Кыайыы кэлэ оҕустун!»

Ааптар:
19.06.2023, 16:21
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Амма улууһуттан байыаннай дьайыыга кытта сылдьар байыаннай сулууспалаахтарга барыларыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр туох көмө, өйөбүл оҥоһулла турарын туһунан улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Софья Лаврентьевна Александрова кэпсиир.

— Ханна баҕарар буоларын курдук, Амма улууһа Арассыыйа Украинаҕа ыытар байыаннай эпэрээссийэтигэр дойдуга суоһуур кутталы туоратыһыыга кытта сылдьар уолаттарбытын барыларын өйөөн, элбэх өрүттээх үлэни ыытар.

Ол курдук, биһиги улууспутугар бу үлэлэри ыытыыга икки хамыыһыйалаахпыт. Нэһилиэнньэ баҕа өттүнэн көмөҕө харчыны биэрэригэр пуонда тэриллибитэ, бу пуонда үлэтигэр тэриллибит хамыыһыйаны салайа сылдьабын. Хамыыһыйабытыгар 18 киһи үлэлиир. Пуондабыт үлэтин балаһыанньата борокуратуураны кытта сөбүлэһиллибит былаанынан бара турар. Нэһилиэнньэ биир күннээх хамнаһын баҕа өттүнэн биэрэн олорор. Пуондаҕа уолаттар төрөппүттэриттэн киирэр сайабылыанньанан үп-харчы өттүнэн көмөлөһөбүт. Сорох оҕолор уоппускаҕа кэлэллэригэр билиэттэригэр харчылара тиийбэт түгэнигэр, билиэттэрин сыанатын төлүүбүт. Маны сэргэ саллааттарбыт доруобуйаларын көрдөрүнэллэригэр, ханнык эмэ түгэҥҥэ мэдиссиинэ эбэтэр психолог көмөтө наада буоллаҕына, эмиэ көмөлөһөбүт.

Иккис хамыыһыйа байыаннай дьайыыга сылдьар бары уолаттар дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһүүгэ чопчу үлэлиир. Хамыыһыйаны улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Ньургуйаана Ивановна Илларионова салайар. Буойуттарбыт дьонноругар олох-дьаһах, хаһаайыстыба боппуруостарыгар көмөлөһүүнү тэрийэн, сүрүннээн, буойуттар дьиэ кэргэттэригэр мас, муус бэлэмнээһинэ, от соһон биэриитэ, сүөһүлээх дьоҥҥо бурдугунан, хортуоска сиэмэтинэн көмө курдук, араас кыһалҕалары быһаарар үлэ тохтоло суох бара турар.

Дьиэ кэргэттэргэ барыларыгар биһиги дастабырыанньа-карточка оҥорон биэрбиппит. Бу карточканан дьиэ кэргэн дьоно босхо киинэҕэ киирэллэр, кэнсиэртэргэ, култуура тэрээһиннэригэр босхо сылдьаллар, маҕаһыыннарга, таксиларга, баанньыкка уо.д.а. чэпчэтиилэр үлэлииллэр. Оскуолаҕа киириигэ оҕо бэйэтин пропискатынан буолбакка, баҕарар оскуолатыгар киирэн үөрэнэригэр, Амма нэһилиэгэр баар улахан оскуолаларбытыгар атын нэһилиэктэн кэлэн киирэллэригэр эмиэ көмөлөһө олоробут.

Ыам ыйын 20 күнүгэр дьиэ кэргэттэрбитигэр биһиги «Добро и доверие» диэн аһымал аахсыйаны ыыппыппыт. Бу аахсыйа «Биир ньыгыл Арассыыйа» дьахталларын хамсааһыннарын көҕүлээһиннэринэн буолбута. Онно мэдиссиинэ өттүнэн доруобуйаларын туругун көрүүгэ врачтар көрүүлэрин таһынан УЗИ, ЭКГ түһэрбиттэрэ, араас анаалыстары туппуттара. Социальнай управление үлэһиттэрэ туох социальнай чэпчэтиилэр баалларыгар араас сүбэлэри биэрбиттэрэ. Үөрэхтээһин хайысхатынан ОГЭ, ЕГЭ өттүнэн оҕолорго хайдах көмөлөһүөххэ сөбүгэр сүбэлэр оҥоһуллубуттара. Эдэр натуралистар ыстаансыйаларыттан, Эдэр туристар ыстаансыйаларыттан кэлэннэр оҕолорго наадалаах информациялары биэрбиттэрэ, «тыыннаах муннуктарыттан» кыыллары көрдөрбүттэрэ, арассаадаларын атыылаабыттара. «Арассыыйа ийэлэрэ” Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаннай хамсааһыннарын Амматааҕы салаатын чилиэннэрэ кэлэн, үүнээйини олордууга, көрүүгэ-харайыыга араас сүбэлэри биэрбиттэрэ. «Салон красоты” устуудьуйаларыттан сүбэлэри, босхо сэртипикээттэри туттарбыттара. Аахсыйа кэмигэр босхо мультфильмнары көрдөрүүттэн оҕолор үөрэн-көтөн барбыттара. Бу аахсыйаҕа Ил Түмэн дьокутаата Сергей Александрович Ларионов хас биирдии оҕоҕо сайыннарар оонньуулардаах бэлэхтэрин туттартаабыта.

Бу маннык аахсыйабыт былаан быһыытынан кыбартаалга биирдэ ыытыллар. Буойуттар дьиэ кэргэттэрэ балыыһаҕа кэллэхтэринэ, анаалыстары туттаралларыгар, туох эмит кыһалҕалаах буоллахтарына, барыта уочарата суох буоларын ситиһэн олоробут. Эйэни аҕаларга бэйэлэрин кылааттарын киллэрсэ сылдьар уолаттарбытын кытта күүскэ үлэлэһэбит. Улууспут баһылыга Степан Николаевич Кузьмин бэйэтэ хамаанда тэринэн, Украинаҕа улууспут буойуттарын кытта көрсө, кинилэргэ гуманитарнай көмөнү тиэрдэ баран кэлбитэ. Маныаха нэһилиэнньэттэн улуус үрдүнэн 7 мөл. солк. курдук харчы икки төгүллээн хомуйуллубута. Бастакы сырыыга хас биирдии буойуммутугар 30-туу тыһыынча солкуобайы байыаннай сулууспаҕа сылдьыыларыгар наадалааҕы ылыналларыгар диэн ыыппыппыт.

Дьахталлар Сүбэлэрэ Амма улууһун аатыттан биэстэ улахан баһыылка оҥорон ыытан турар. Манна сүрдээх улахан үлэни Дьахталлар хамсааһыннарын салайааччыта Марфа Егоровна Дмитриева салайан ыытта. Улуус баһылыга Степан Николаевич ити командировкатыгар 3,5 мөл. солк. курдук суумаҕа байыаннай дьайыыга туһанарга наадалаах коллиматордары, прицеллары, тепловизордары, квадрокоптердары ылан илдьэн тиксэрбитэ. Ил Түмэн дьокутаата Руслан Еремеевич Федотов бу үлэлэри өрүү өйөөн, туох баар үлэҕэ тэҥҥэ кыттыһар.

Биһиги, улуус дьокутааттара, байыаннай эпэрээссийэ уонна быстах ыҥырыы саҕаланыахтарыттан ыла элбэх үлэлэри иилэһэ-саҕалаһа сылдьабыт. Тус бэйэм олунньуга Уһук Илин уокуругар, Владивостокка эмтэниигэ сылдьар саллааттарга Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин өттүттэн клиническэй психологтар биригээдэлэрин салайааччытынан бараммын, көмөлөһөн кэлбитим. Уһук Илин уокуругар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтин үлэһиттэрэ Ким Александрович Борисов, Петр Петрович Бурнашев, Валерий Николаевич, Марианна Гаврильевна көмөлөрүнэн Владивостокка, Уссурийскайга, Хабаровскайга, Мытищаҕа госпиталларга сытар саха саллааттарыгар сылдьар кыахтаммыппыт. Амма улууһун дьокутааттара хомуйбут харчыларынан хас биирдии бааһырбыт уолаттарбытыгар ас-бородуукта набуордарын туттартаан, кинилэргэ ВВК категорияларын туруоралларыгар күүс-көмө буолан, үчүгэй үлэни ыытан кэлбиппит. Министиэристибэ ити хайысханан күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри улахан көмөнү оҥоро олорор. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Ольга Валериевна Балабкинаҕа клиническэй психолог үлэтэ наадалааҕын туһунан этиибитин өйөөн, бу үлэни күүскэ ыытарга диэн биһиэхэ сыалы-соругу туруорбута. Онон клиническэй психологтар анал эбии бэлэмнэниини ааһаннар, салгыы сулууспалыырга сөбө суох диэн категориялаах төннөн кэлбит байыаннай сулуусплаахтар чөлгө түһүүлэригэр, эйэлээх олоххо эргиллиилэригэр элбэх улахан сыралаах үлэни ыыта сыолдьаллар.

Биһиги саллааттарбыт ханнык хайысхаҕа инники кирбиигэ сылдьалларын, ханнык госпиталларга баалларын билэ-көрө, кинилэр дьиэ кэргэттэрин кытта ыкса сибээскэ олоробут. Биһиги бу үлэбитигэр Украинаҕа байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар уолаттарбыт ханна, хайдах сылдьалларын билиигэ-көрүүгэ, сибээстэһиигэ күүс-көмө буола сылдьар Амматтан төрүттээх Петр Иннокентьевич Лебедев үлэлии сылдьар. Уолаттарбыт сибээскэ тахсыбатылар диэн буоллаҕына, Петр Иннокентьевич биһиэхэ бу өттүгэр улахан көмөлөөх. Саратовка, Сызраньҥа, Ленинград уобалаһыгар, Москваҕа, Читаҕа уо.д.а. госпиталларга сыталларын билэн-көрөн, байыаннай чаастарын, госпиталларын уонна бэйэлэрин кытта үлэлэһэбит. Госпиталларга байыаннай врачтары, байыаннай хамыһаарбыт Гранин Игорь Петровиһы кытта ыкса үлэлээн, өйдөһөн, баар бары кыһалҕаларга саба түһэн көмөлөсүһэн, эйэлээх олох кэлиитигэр биир санаанан үлэлии, төһүү күүс буола сылдьабыт. Барыбыт баҕата биир — Кыайыы кэлэ оҕустун!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 января
  • -41°C
  • Ощущается: -48°Влажность: 66% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: