Амма эбэҥкилэрэ — «Бакалдын» ыалдьыттара
Эбэҥки норуота үгэс буолбут сайыҥҥы “Бакалдын” бырааһынньыгар быйыл ыалдьыт да, кыттааччы да үгүс.
Суолталаах тэрээһин туһунан Ил Түмэн төрүт олохтоох хотугу омуктар уонна Аартыка дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, норуот дьокутаата Елена Голомарева санаатын бу курдук үллэһиннэ:
Кэрэхсэбиллээҕэ баар, киин улуустарга олорор хоту улуустартан төрүттээх дьон кыттыыны ыллылар. Ол курдук, Кыыс Амманы иккис дойду оҥостубут дьон быйыл бэйэлэрин улуустарыгар аҕыйах ахсааннаах норуоттар «Осиктан Амма» түмсүүлэрин тэринээт, «Бакалдыҥҥа» бастакы сылларыгар хайаан да кыттарга санаммыттар. Амматтан кэлбит дэлэгээссийэ улуустар сэлэлээн хааман киириилэригэр кыттыыны ыллылар.
«Осиктан-Амма» түмсүү салайааччыта, Мииринэй оройуонун Сүлдьүкээриттэн төрүттээх Майя Олесова саҥа түмсүүтүн билиһиннэрдэ:
Дьокуускай куоракка олорор Тааттаттан төрүттээх Людмила Габышева социальнай үлэһит эбит. Кини идэлээх бырааһынньыгар бэйэтигэр «Бакалдыны» бэлэхтииргэ санаммыт. «Идэбинэн учууталбын. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олоробун. Үһүс көлүөнэ оскуола волонтерабын», диэн кэпсиир сэһэргэһээччим. Габышевтар дьиэ кэргэн тэрээһин туһунан «Саха» НКИХ тэлэбиидэнньэтиттэн истэн кэлбиттэр. Төрөөбүт дойдуларын норуоттарын култуураларын олус интэриэһиргиир эбиттэр.
Ити курдук, «Бакалдын» үгүс ыалдьыты кэрэхсэтэр уонна түмэр бырааһынньык.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: