Амма эдэр армееһа космонавт буолар баҕалаах

Share

Бу күннэргэ киин куоракка «Юнармия» хамсааһын өрөспүүбүлүкэтээҕи IX патриотическай сүлүөтүгэр өрөспүүбүлүкэ 14 улууһуттан уонна куораттааҕы уокуруктартан эдэр армеецтар кэлэн араас күрэстэргэ кытыннылар.

Ю.А. Гагарин аатынан Култуура уонна ускуустууба киинэ сүлүөтү сабыы үөрүүлээх сиэригэр-туомугар саала толору эдэр армееһынан туолла.

Эдэр армеецтары Ил Түмэн Мунньаҕын Бэрэссэдээлин солбуйааччы Афанасий Владимиров эҕэрдэлээтэ:

— Өрөспүүлүкэ 14 улууһуттан уонна куораттааҕы уокуруктартан 140-тан тахса эдэр армеец кэлэн, дьулуурга уонна сатабылга күрэхтэстигит. Чулуулалартан чулуулары кытта күрэстэһэр кэмҥитигэр доҕотторгут, учууталларгыт, төрөппүттэргит эһиги тускутугар долгуйбуттара. Бу тэрээһин эһиги сатабылгытын көрдөрөр эрэ түгэн буолбакка, патриотическай санааҕытын бөҕөргөтөр, хамаанданан үлэлиир дьоҕургутун сайыннарар, доҕордоһуу суолталаах түһүмэҕинэн буолла. Эһиэхэ бары ылсыбыт дьыалаҕытыгар дьоһуннаах ситиһиилэри баҕарабын!

Амма  сэлиэнньэтин Леонид Киренскэй аатынан лицей 10 кылааһын үөрэнээччитэ Алеша Слепцову быйыл эдэр армеецтар хамандыырдарынан талбыттар. Кини быйыл иккис сылын маннык суолталаах тэрээһиҥҥэ кыттар эбит. “Эдэр армеецтар хамандыырдара туох хаачыстыбалаах буолуохтааҕын иһин эйиигин  хамандыырынан таллылар?” диэн ыйытыыбар Алексей Слепцов бэрт дьоһуннаах хоруйу биэрдэ:

Бастатан туран, дойдуга бэриниилээх буолуу, эр санаа ирдэнэр. Эппит тылгын хайаан толруохтааххын. Быйылгы күрэскэ Амматтан 10 эдэр армеец кыттыыны ыллыбыт.

Миэстэлэспэтибит гынан баран, куһаҕана суохтук кытынныбыт. Кылаабынайа, уопутуран иһиэхпит буоллаҕа.

Салгыы “туох идэлээх буолуоххун баҕараҕын?” диэн ыйыппыппар, Алексей Слепцов хап-сабар  бэрт судургутук “космонавт буолар баҕалаахпын” диэн эппиэттээтэ. “Ол ханна, хайдах космонавт идэтин баһылыыр үөрэххэ киирэҕин?” диэбиппэр, эдэр армеец “биллэн турар, тута космонавт буолар үөрэх суох. Бастаан Санкт-Петербугдааҕы гражданскай авиация университетыгар киириэм. Лүөччүк буолан баран, космонавт идэтигэр уһуйуллуом. 25-30 сааспар космонавт буолар инибин. Учууталларым мин 4-с кылаастан космонавт буолуохпун баҕарарбын билэллэр. Билигин нуучча тылыгар уонна химиябын “5”-кэ тардыахпын наада” диэн санаатын үллэһиннэ.

Дьэ, итинник дьоһун санаалаах эбиттэр, Амма эдэр армеецтара. Оҕо саас сылыгар бу оҕолор өрөспүүбүлүкэ эдэр армеецтарын сүлүөттэригэр сылдьан, бэрт үгүһү билэн, тапталлаах Аммаларыгар төнүннүллүлэр.

What’s your Reaction?
+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Суруйааччы бэйэтин кэмигэр куруутун махтаныахтаах

Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…

13 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

2 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

2 часа ago
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: быһаҕынан анньыллыы, наркотигынан эргинии…

Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйаҕа Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн  эҕэрдэлээтэ. -…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…

5 часов ago