Амма эдэр олохтооҕо Ил Дархантан бэлэх тутта
Амма сэлиэнньэтигэр олорор 15 саастаах Артур «Баҕа санаа харыйата» аахсыйа иитинэн Ил Дархан Айсен Николаев бэлэҕин тутта.
Ил Дархан аатыттан хомуһу Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин туттарда.
«Баҕа санаа» харыйатыгар хомус бэлэх тутуон баҕарарын туһунан 15 саастаах Артур суруйбутун ылбытым. Бүгүн кини хомуһу тутта. Оҕолор хомуһу сэҥээрэллэрэ, оонньуохтарын баҕараллара олус үчүгэй. Артур хомуска оонньуо диэн эрэнэбин», — диир Ил Дархан Айсен Николаев бэйэтин тг-ханаалыгар.
Ил Дархан Айсен Николаев бу уолчааны сэргэ, өссө Таатта улууһуттан Ытык Күөлтэн 13 саастаах Рома баҕа санаатын толоруо. Ону таһынан ДНӨ Милана уонна Мирослава Саҥа дьыллааҕы баҕа санааларын.
Бу үтүө санаа аахсыйатын «Бастакылар хамсааһыннара» оҕолор уонна ыччаттар хамсааһыннара ыытар. Быйыл аахсыйа олунньу 28 күнүгэр диэри ыытыллар. Манна ким баҕарар кыттан оҕолор баҕа санааларын толорорго көмөлөһүөн сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: