Хаартыска -- Прокопий Бубякин тиксэриитэ
Бу күннэргэ Амма улууһун Эмис нэһилиэгэр ойуур баһаарын бохсор минерализованнай балаһаны оҥорууга икки сыллаах үлэ түмүктэннэ.
Бу туһунан нэһилиэк баһылыга Прокопий Бубякин бу курдук сырдатар:
— ЫБМ министиэристибэтин кэтээн, хонтуруоллуур-көрөр (надзор) салаатын иниспиэктэрэ кэлэн үлэбитин анаан бэрэбиэркэлээн тутта.
Ол курдук, Эмис уонна Олом Күөл тула икки сыл устата оҥоһуллубут ойуур баһаарын бохсор арыт-ханаабалар хаачыстыбаларын үөрэтэн көрдө уонна минерализованнай балаһаны барытын тутта, тустаах докумуоҥҥа — аактаҕа илии баттаата.
Иллэрээ сыл, былырыын анал дуогабарынан үлэлээбит биригээдэлэргэ нэһилиэгим олохтоохторун аатыттан истиҥ махталбын тиэрдэбин. Балаһа ааһыахтаах олбуордарын кэтэҕин кичэйэн ыраастаабыт хаһаайыннарга — Олег Константиновка, Вячеслав Гаврильевка, Ариал Ивановка, Андрей Григорьевка, Иван Григорьевка, Оломҥо Егор, Иван Константиновтарга эмиэ улахан махталбын тиэрдэбин. Бу нэһилиэнньэлээх пууннарбыт ойуур баһаарыттан көмүскэллэннилэр, федеральнай сокуон ирдэбилин толордулар.
Ити курдук, нэһилиэк аайы билиҥҥи кэмҥэ булгуччулаахтык ирдэнэр ойуур баһаарын бохсуу үлэтэ кэмигэр түмүктэнэрэ хайҕаллаах суол.
2023 сыллаахха сэтинньи 23 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ олоҥхоһуттарыгар, оһуохайдьыттарыгар уонна тимир уустарыгар…
Оройуоннааҕы борокуратууралар ирдэбиллэринэн, Саха сиригэр элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ эрэгийиэн операторыгар өрөмүөн үлэтин ыытарга эбээһинэстиир туһунан…
Бүгүн Байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин күнэ. Саха сирин улуустарыгар бу бэлиэ күнүнэн араас сылларга байыаннай дьайыыларга,…
Дьокуускайга тутулла турар Арктикатааҕы эпос, ускуустуба киинэ Саха сиригэр баар Олоҥхо дьиэлэрин сүрүннүүр киин буолуоҕа. …
От ыйа сайын үгэнэ, сайын оройо. Аан Алахчын хотун Ийэбит ыйа хайдах буолуой? Бэс ыйын…
Удачнай куорат борокуратуурата анаммыт накаастабыл кээмэйэ кыратынан сибээстээн, суут уурааҕын апелляция бэрээдэгинэн үҥүстэ. Ол уурааҕынан,…