Хаартыска уонна видео -- Прокопий Бубякин тиксэриитэ.
Баһаары бохсууга анаммыт 123 №-дээх федеральнай сокуон чэрчитинэн ирдэбил быһыытынан хас биирдии нэһилиэккэ ойуур баһаарыттан сэрэтэр минерализованнай балаһа баар буолуохтаах.
Бу күннэргэ Амма улууһун Эмис нэһилиэгэр ыытыллар үлэ туһунан баһылык Прокопий Бубякин иһитиннэрэр:
— Киин куораттан тырахтарыыстары кэпсэтэн, анаан булууктаах гусеничнай тыраахтарынан минерализованнай балаһаны нэһилиэк тулатыгар тартардыбыт.
Ойуур баһаара нэһилиэнньэлээх пууҥҥа суоһуур түгэнигэр аһаҕас уоту бопсор инниттэн минерализованнай балаһа олус суолталааҕын өйдүүр наада.
Баһаартан сэрэхтээх буолууга үлэни салгыы ыытабыт.
Куйаас күннэр тураннар, быйылгы сайын өссө да уһуур чинчилээх. Онон нэһилиэк тула минерализованнай балаһаны оҥоруу – бүгүҥҥү күн ирдэбилэ.
Оройуоннааҕы борокуратууралар ирдэбиллэринэн, Саха сиригэр элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ эрэгийиэн операторыгар өрөмүөн үлэтин ыытарга эбээһинэстиир туһунан…
Бүгүн Байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин күнэ. Саха сирин улуустарыгар бу бэлиэ күнүнэн араас сылларга байыаннай дьайыыларга,…
Дьокуускайга тутулла турар Арктикатааҕы эпос, ускуустуба киинэ Саха сиригэр баар Олоҥхо дьиэлэрин сүрүннүүр киин буолуоҕа. …
От ыйа сайын үгэнэ, сайын оройо. Аан Алахчын хотун Ийэбит ыйа хайдах буолуой? Бэс ыйын…
Удачнай куорат борокуратуурата анаммыт накаастабыл кээмэйэ кыратынан сибээстээн, суут уурааҕын апелляция бэрээдэгинэн үҥүстэ. Ол уурааҕынан,…
Бүгүн Оһуокайбыт түһүлгэтигэр субуотунньуктаатыбыт. Мустуубут боппуруоһунан түмсүү сэбиэтэ Оһуокай ыһыаҕын тэрийиигэ сүбэлэстибит. Бастатан туран, Нерюнгрига…