Салгыы
Амма Эмиһигэр Саппыйа суолун сырдаттылар

Амма Эмиһигэр Саппыйа суолун сырдаттылар

28.10.2022, 22:18
Бөлөххө киир:

Амма улууһун Эмис нэһилиэгэр айан  суолун сырдатыы олоххо киирдэ. 

Бу суолталаах үлэ туһунан нэһилиэк баһылыга Прокопий Бубякин  сырдатта:

— Өр кэмҥэ былааннаабыт үлэбитин – трассаттан туораан, Саппыйанан киирэр айан суолун сырдатыыны дьэ олоххо киллэрдибит. Нэһилиэктэрин тупсарыы үлэтиттэн туора турбат эр дьон, электрик Степан Наумов уонна уус Данил Тимофеев ылсан, түргэнник-тарҕаннык туттан үлэлэстилэр.  Дьаһалта үлэһиттэрэ Амматтан көҥүл ылыы, документация өттүн түргэнник бөрөөтүлэр, финансовай блок дуогабары, счету, төлөбүр барыытын кыайа тутта.
Ол түмүгэр Саппыйаҕа 15 устуука “Feron” светодиоднай лаампаны ыйаатыбыт. Саппыйаны сырдатыы бырайыагын туһунан кэпсэтии улуус баһылыга Николай Архиповы кытта бүтэһик кэпсэтиибит этэ. Наһаа үөрбүтэ, «кытаатыҥ, аммалар бастакы нэһилиэкпит, эмиэ бырамалар курдук, суолгут сандааран олордун» диэн тэтимирдибитэ. Онон бу үлэни кини сырдык кэриэһигэр аныыбыт. Маны таһынан, нэһилиэк иһигэр баар эрээри, алдьаммыт лаампалары уларыттыбыт — Бааккылаах, Куула, Умсааннаах эргин — барыта 17 лаампа. Өссө уларыйа илик сайаапкалар бааллар.  Олору мунньан, дьаһалта дуогабардаһан, үлэ оҥоһуллар буолуоҕа. Түмүк сыалбыт – Эмис иһэ киэһэ сып-сырдык буолуохтаах, сырдык кэрэ туочукалар элбиэхтээхтэр (Эйэ муостата, Элбэх өҥөнү оҥорор тэрилтэ тэлгэһэтэ), сырдык уулуссалар. Барыта биирдэ кыаллыбат, туох да харчы онно «тук» буолбат. Сыыйа иннибит диэки баран иһиэхпит. Аны Набережнайга, Чэчиргэ саҥа уот лиинийэтин тардар сорук турар.
Эмис нэһилиэгин олохтоох дьаһалтатыгар былааннабыттара барыта кэмигэр туоларыгар баҕарабыт.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -38°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: