Хаартыска: Елена Потоцкая.
Бу күннэргэ Амма улууһун Эмис нэһилиэгин киин куоракка ыытыллар күнүн чэрчитинэн бэрт дириҥ ис хоһоонноох тэрээһиннэр буолан аастылар.
Ол курдук, Бырабыыталыстыба 1 №-дээх дьиэтигэр нэһилиэк сайдыытын туһунан «төгүрүк остуолга” Эмис нэһилиэгин уопсастыбаннаһа уонна Дьокуускай олорор Эмистэн төрүттээх ытыктанар дьон сайдыы тосхолун дьүүллэстилэр.
«Эмис нэһилиэгин сайдыыта: нэһилиэнньэ сайдар эйгэтин тэрийии» диэн ааттыын да дириҥ ис хоһоонноох тэрээһиҥҥэ сонун сүүрээннэри тобулууга эдэриттэн эмэнигэр диэри дьон санааларын эттилэр.
Эмис нэһилиэгэр бүгүҥҥү күҥҥэ 500-тэн тахса киһи олорор. Үлэни-хамнаһы кыайар дьон ахсаана – 297. Орто оскуолаҕа 90, оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо ахсаана 43 оҕо. Нэһилиэккэ 7 тэрилтэ үлэлиир, 39 ыал хаһаайыстыбатыгар сүөһү ииттэр.
Эмис нэһилиэгин сайдар тосхоллорун дьүүллэһиигэ үгүс киһи санаатын этиннэ. Ол курдук, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга Марфа Дмитриева түргэнник ситэр салааны, переработкалааһыны, сайыннарыахха сөбүн, орто оскуола агрохайысханы тутуһуон сөбүн ыйда. Кырдьык, Эмис нэһилиэгэ суол аартыгар турар буолан, олохтоох бородууксуйаны табыгастаахтык батарар кыахтаах.
Кэрэхсэбиллээҕэ баар, тэрээһиҥҥэ ыччаттар кыттыыны ыллылар. ХИФУ юридическай факультетын 4-с кууруһун устудьуона Катя Иванова аныгы сыыппара ньыматын туһанан төрөөбүт нэһилиэгин сырдатар араас саататары, подкастары, видеолары оҥоронн тарҕатарга этии киллэрдэ уонна онно көмөлөһүөх буолан эрэннэрдэ.
Ити курдук, Амма улууһун Эмис нэһилиэгэ өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар кэлэн, бэйэтин олоҕун-дьаһаҕын көрдөрөн, иһитиннэрэн-билиһиннэрэн барыыта — өрөспүүбүлүкэ атын нэһилиэктэригэр холобур буолар.
Соторутааҕыта аан дойдутааҕы түмэл күнүгэр сөп түбэһиннэрэн, аһаҕас халлаан анныгар турар Чөркөөхтөөҕү бэлитиичэскэй сыылка тиэргэнигэр…
“Уһун уонна көхтөөх олох” национальнай бырайыак олоххо киллэриллэн, нэһилиэнньэ чөл олоҕу тутуһар уонна доруобуйаны бөҕөргөтөргө…
Сунтаар сэлиэнньэтигэр сүппүт 67 саастаах эр киһи өлүгүн быраҕыллыбыт дьиэттэн буллулар. Бу туһунан СӨ Быыһыыр…
Сарсыҥҥыттан сайыҥҥы күҥҥэ үктэнэбит. Күн уота чаҕылыччы көрөн, сир-дойду биллэ көҕөрдө, мутукчабыт тылынна, дыргыл сыта…
Ыам ыйын 19 күнүгэр Тааттаҕа оскуола үөрэнээччилэригэр Арассыыйаҕа Аҕа дойдуну көмүскээччи, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну…
Улуу Кыайыы 80 сылынан “Дьоллоох эйгэ” Элбэх оҕолоох ийэлэр сэбиэттэрэ уонна “Бигэ-таҕа дьиэ кэргэн” федеральнай…