Бүгүн сарсыардаттан социальнай ситимнэринэн “Аммалар кустаан бүппүттэр” диэн сурук тарҕанна. Чахчытын билээри Амма улууһун баһылыгар төлөпүөннүү сырыттыбыт.
Ойуур баһаарын сэрэтэр, туоратар суһал ыстаап, улууска тыа хаһаайыстыбатын сирдэригэр өрт уотун уонна сэтиэнэҕи уматыы үксээбитинэн, сааскы кустааһыны бобор, кэтээһини күүһүрдэр туһунан ис хоһоонноох суруга, Амма улууһун баһылыгар Кузьмин С.Н. киллэрбитэ социальнай ситиминэн киэҥник тарҕанна.
Чахчытын билээри баһылык Степан Кузьмиҥҥа төлөпүөннүү сырыттыбыт. Онуоха кини: “Ити улахан долгуйуу буолбатах. Көннөрү сүбэ эрэ быһыытынан этии киллэрбиттэрэ. Билиҥҥитэ бобуу суох, кустаабыттарын курдук кустууллар”, — диэн эттэ.
Биир курдук, суһал ыстаап этии киллэрэрэ сөптөөх. Кэлиҥҥи икки сылга Саха сиригэр улахан баһаардар турдулар. Иккиһинэн, быйылгы Олоҥхо ыһыаҕа Амма улууһугар кэлэр бэс ыйыгар ыытыллыахтаах. Билигин күүстээх бэлэмнэнии үлэтэ барар. Улахан ойуур баһаара турдаҕына тэрээһини атахтыыра чуолкай.
Онон, билиҥҥитэ Амма улууһугар сааскы куска бобуу-хаайыы суох, ол эрээри, сэрэхтээхтик туттар ирдэнэр.
АЛРОСА хампаанньа өйөбүлүнэн тэриллэр “Медиахакатоҥҥа” номнуо үһүс төгүлүн өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан 48 көхтөөх, айар-тутар дьоҕурдаах…
Таатта улууһун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар баар Саҥа дьыллааҕы харыйа "Елки России"…
Бүлүү улууһун Кыһыл Сыыр сэлиэнньэтин олохтооҕо дьахтар өрөспүүбүлүкэ борокуруора Максим Поповка көмө көрдөөн биллибит. Быһаарыллыбытынан,…
Арассыыйа социальнай пуондата үлэлиир гражданнарга биэнсийэни индексациялааһыны быһаарда. Индексацияны суоттааһыҥҥа 2016 сылтан ыла бары көтүтүллүбүт…
СӨ тырааныспар уонна суол Хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччы Анатолий Потапов бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, социальнай…
Саха сирин олохтооҕо Денис Харисов ТНТ ханаал ыытар "Ярче звезд" биэриитигэр кытынна. Бу биэриигэ кыттааччылар…