Салгыы
“Амма” эрэгийиэннээҕи суолга дьоҕус күргэни тутуохтара

“Амма” эрэгийиэннээҕи суолга дьоҕус күргэни тутуохтара

13.05.2023, 18:44
Хаартыска: www.sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

Аллараа Бэстээх бөһүөлэгиттэн II-Наахара нэһилиэгин Хочо сэлиэнньэтигэр барыыга 66-с км күргэ тутуохтара. Ити туһунан бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников  илин эҥээр улуустарынан сырыытын кэнниттэн иһитиннэрдэ.

Тустаах тутуу Хочо сэлиэнньэтин халаан уутуттан харыстыахтаах. Күн бүгүн Хочо, Арҕаа уонна Илин үрэхтэртэн тахсар уу, ууну аһардар турбаҕа кэлэн мунньуллар уонна нэһилиэнньэлээх пууҥҥа кутталы үөскэтэр.

Хаартыска: www.sakha.gov.ru

“Урут манна мас күргэ баарын уонтан тахса сыллааҕыта, билигин баар икки гофрированнай турбанан солбуйбуттара. Турбалар хото кэлэр ууну кыайан аһарбаттара көһүннэ”, — диэн Садовников быһаарар.

Санатан эттэххэ, 2013 сыллаахха курулас ардахтар түһэн дэриэбинэ 30 дьиэтин уу ылбыта. Быйыл саас уу дьиэҕэ тиийбэтэ эрээри, 16 тэлгэһэни ылла.

Бырабыыталыстыба хамыыһыйата быйыл онно эбии гофрированнай тимир турбаны олордорго быһаарда. Сорудаҕы Саха сиринээҕи суол управлениетыгар биэрдилэр. Онтон күргэ бырайыагын оҥоруутугар ылсыахтара. Күргэни 2025 сылга, “Амма” суолугар 58-тан 70-с км диэри өрөмүөн ыытыллар кэмигэр тутар былааннаахтар.

Уу иҥнигэһэ суох ааһарын курдук суол аттынан үрэххэ ыраастыыр үлэни оҥоруохтара. Ону таһынан, сэлиэнньэҕэ бэйэтигэр эбии үлэлэри ыытыахтара. Манна улуус дьаһалтата бөһүөлэк иһинээҕи суоллары өрө көтөҕөр уонна уу ааһар турбаларын туруорар былааннаах.

Бүгүҥҥүтэ Хочо сэлиэнньэтигэр уу таһыма сыыйа түһэн эрэр. Өскөтүн, ыам ыйын 11 күнүгэр 43 см тиийэ сылдьыбыт эбит буоллаҕына, ыам ыйын 12 күнүгэр 33 см диэри түстэ. Кэлиҥҥи сууккаҕа уларыйыы суох, 16 тэлгэһэ ууга турар.

Манна даҕатан эттэххэ, бу күннэргэ ыксаллаах быһыыны сэрэтэр уонна туоратар итиэннэ баһаартан сэрэхтээх буолууну хааччыйар хамыыһыйа мунньаҕар өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев кэккэ суолларга бырайыактыыр быһаарыыны хат көрөргө сорудахтаабыта – уу ааһар турбаларын элбэтэргэ, оттон ирдэнэр түгэнигэр дьоҕус күргэлэри тутарга. Кини болҕомтону “Амма” суолугар уурбута, манна 66-с км уу турбатын кыаҕа кыратыттан уу Хочо нэһилиэнньэлээх пуунугар мустар.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: