Амма мецената УАЗ-фермер массыынаны байыаннай дьайыы кыттыылааҕар туттарда
Амма улууһун “Амарах сүрэх” уопсастыбаннай хамсааһын салайааччыта Римма Алексеева иһитиннэрбитинэн, меценат Руслан Федотов байыаннай дьайыы кыттыылааҕар УАЗ-фермер массыынаны туттарда. Массыына күлүүһүн уоппускатыгар кэлэ сылдьар, Алтан нэһилиэгиттэн төрүттээх “Чех” диэн позывнойдаах байыас ылла диэн «Амма олоҕо» хаһыат суруйар.
“Бэҕэһээ Ил Дархаммыт Айсен Николаев быһа эпииригэр байыаннай дьайыыга көмө туһунан элбэхтик кэпсэттилэр. Саха сирэ бэйэтин көмөнү куруутун оҥоро турарын, өссө да инникитин байыастары, кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүрүн уонна инникитин да көмө баар буолуо диэн иһитиннэрдэ. Кини биһиги байыастарбыт хорсуннук Ийэ дойдуларын көмүскүү сылдьалларынан киэн туттарын эттэ. Байыастарга көмөлөһөр сыаллаах “Вместе к Победе” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйа тэриллэн, баар боппуруостары түргэнник быһаарыыга үлэлиэҕэ диэн этиитин олус сэргии иһиттим. Онтон биһиги улууспут байыастарбытыгар көмөнү күннэтэ оҥоро олорор. Ол курдук холобура күн бэҕэһээ, 2024 сыл балаҕан ыйын 24 күнүгэр, биһиги биир дойдулаахпыт, анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан бэйэтин көмөтүн оҥорор олорор киэн туттар меценаппыт Руслан Еремеевич Федотов уоппускатыгар кэлэ сылдьар, бааһыран баран эмтэниини барбыт биир дойдулаахпытыгар УАЗ-фермер массыынаны бэлэхтээтэ. Байыас штурмовой батальоҥҥа эвакуациялыыр взводка сулууспалыыр. Онон онно бу олус көмөлөөх буолуо диэн этэр. Уол массыына бары докумуоннарын оҥорторон, ГИБДД-га учуокка туруоран, техническэй көрүүнү барда.
Ону кытта күлүүс наборун, бадарааҥҥа сылдьар көлүөһэ комплегын, домкрат, багажник эмиэ биэрэн баран, кэлэр нэдиэлэҕэ Новоазовск куоракка ыытыахтаахтар. Онтон уолбут бэйэтэ салгыы анал байыаннай дьайыыга сулууспалыы көттө. Манна даҕатан эттэххэ, Руслан Еремеевич өссө үс матасыыкылы ыытыахтаах. Онон биһиги хамсааһыммыт киниэхэ улахан махталын тириэрдэр. Байыас олус астынна уонна махтанна. Техника наһаа көмөлөөх буолуо диэтэ”, — диэн Римма Васильевна долгуйан туран сырдатта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: