Амма Мээндигитигэр норуот суруйааччыта Баһылай Харысхалга өйдөбүнньүк турда

Share

Балаҕан ыйын 25 күнүгэр төрөөбүт-үөскээбит Мээндиги сэлиэнньэтигэр норуот суруйааччыта уонна судаарыстыбаннай уопсастыбаннай диэйэтэл Василий Васильевка-Харысхалга өйдөбүнньүк туруорулунна. Ол туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Хаартыска: Амма улууһун дьаһалтата.

“Василий Васильев – аат эрэ буолбатах, бу биһиги литературабыт уонна култуурабыт баайа. Кини айар үлэтэ үүнэр көлүөнэни инникигэ кынаттыы, кини тыллара саха дьонун сүрэҕэр иһиллэ туруохтара. Өйдөбүнньүгү арыйан, биһиги өрөспүүбүлүкэбит сайдыытыгар кини киллэрбит сыаналаммат кылаатын билиниибит,  ытыктабылбыт буолар”, — диэтилэр улуус дьаһалтатыгар.

Саха драматура, прозаига Баһылай Харысхал айар үлэтин 1975 сыллаахха саҕалаабыта. VIII Бүтүн Сойуустааҕы эдэр суруйааччылар мунньахтарын кыттыылааҕа (1984). Элбэх драматическай айымньылар, кэпсээннэр, сэһэннэр, очеркалар ааптардара. Кини пьесаларынан Саха сирин тыйаатырдарыгар “Аммаҕа саас этэ”, “Хайаан да эргиллиэм”, “Кэт Мардсен. Үтүө санаа аанньала”, “Көмүөл” испэктээкиллэр турбуттара.

Маны таһынан Василий Васильев уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй үлэнэн дьарыктаммыта, XI ыҥырыылаах Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаатынан талыллыбыта.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэйэбит дойдубут Ту-214 сөмөлүөтүн бэрэбиэркэлээн көтүттүлэр

Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уулаах отон доруобуйаҕа туһата

Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бастыҥ ювелирнай оҥоһуктар быыстапкалара аһылынна

 Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Таптал» испэктээги көрөн баран санааларым

Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…

3 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

9,8 мөл. солк. тахса суумалаах көмүһүнэн сокуоннайа суохтук эргиммиттэрэ биллибит

Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Москваҕа “Муравьёв-Амурскай 2030” бырагырааманы бүтэрээччилэр бастакы мунньахтара буолла

Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков  кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…

3 часа ago