Салгыы
Амма-Наахараҕа “Ситим” лааҕыр аҕам саастаахтары дуоһуйа сынньатар

Амма-Наахараҕа “Ситим” лааҕыр аҕам саастаахтары дуоһуйа сынньатар

Ааптар:
26.07.2024, 18:30
Хаартыска: «Амма олоҕо» хаһыат
Бөлөххө киир:

Амма-Наахара нэһилиэгэр үһүс сайынын улуус дьаһалтатын өйөбүлүнэн аҕам саастаахтары сынньатар лааҕыр ситиһиилээхтик, үгүс дьону астыннаран үлэлии турар. Лааҕыр сэбиэдиссэйинэн улуус бочуоттаах олохтооҕо Полина Кононова үлэлиир.

Бу күннэргэ лааҕыр бэһис сезонун түмүктээтэ. Түмүктүүр тэрээһиҥҥэ улуус баһылыга Степан Кузьмин кыттыыны ылла. Лааҕыр сынньанааччылара байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарыгар көмө оҥороллор, диэн «Амма олоҕо» хаһыат иһитиннэрэр.

“Биһиги нэһилиэкпитигэр үһүс сайынын Амма улууһун баһылыга Степан Николаевич Кузьмин өйөбүлүнэн аҕам саастаахтар доруобуйалара туруктаах, чөл буоларын, уһун үйэлээх буолалларыгар анаан «Ситим» лааҕыр үлэлээн, 5-с сезонун түмүктээтэ. Лааҕыр тэрийээччитинэн улуус бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Мария Романовна Захарова буолар. Лааҕырга эдэр саастарыттан үлэни өрө туппут, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор аҕам саастаахтарбыт араас улуустартан кытта кэлэн сынньанан, Амма уутугар дуоһуйа сөтүөлээн, Өнньүөс кэрэ айылҕатыгар күүлэйдээн, таас очуостарын көрөн оҕо саастарыгар түһэн, эдэр саастарын эргитэн ыллаан-туойан, оонньоон-көрүлээн, күрэхтэһэн дуоһуйан махтал бастыҥын анаан дойдуларыгар төннөллөр.

Манна араас маастар-кылаастар тиһигин быспакка ыытыллан элбэххэ үөрэнэн бараллар. Лааҕыр сынньанааччылара үһүс сылын байыаннай дьайыыга сылдьар оҕолорбутугар дойдуларын мэлдьи саныылларыгар, ахтылҕаннаах кэрэ  айылҕаттан бэриһиннэрэн, сиэри-туому тутуһан анал суруктаах, харысхаллаах илиибит сылааһынан мөһөөччүк тигэн, боҕуруоскай, кытыан, үөрэ отторун уган сүрэхпит сылааһынан бэлэмнээн ыытабыт. Оҕолорбут барахсаттарга дойдуларын сылаас тыына, айылҕатын сыта төрөөбүт түөлбэлэрин  ахтылҕанын таһааралларыгар харысхал буолуо.

Ону кытта нэһилиэнньэ сиэккэ баайыытыгар туора турбакка күүс-көмө буоллулар. «Ситим» лааҕыр быйылгы сыл үлэтин, ылыммыт соругун былаан быһыытынан толору ыытан түмүктээтэ. Түмүктүүр тэрээһиммитигэр баһылыкпыт Степан Николаевич Кузьмин  кытынна, аҕам саастаахтары кытта истиҥник кэпсэтэн, санааларын истэн барда, маннык лааҕыр олус наадалааҕын бэлиэтээтэ. Лааҕыр сынньанааччылара эһиил эмиэ көрсүөх буолан дойдуларыгар тарҕастылар”, — диэн лааҕыр сэбиэдиссэйэ, Амма Наахара “Дуораанчык” уһуйаанын сэбиэдиссэйэ Полина Кононова сырдатта.

Санатан эттэххэ, уһун үйэлэнии тосхоллорун өрө тутар «Старшее поколение» бырайыак дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн олоххо киирэр.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
7 декабря
  • -22°C
  • Ощущается: -28°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: