Амма Наахара нэһилиэгин күн күбэй ийэлэрэ, эйэҕэс эбэлэрэ, килбик кийииттэрэ, кыталык кыргыттара «Үтүө санаа» аахсыйаҕа кыттыһан харыстыыр сиэккэ өрдүлэр. Бу туһунан «Амма олоҕо» хаһыат суруйар.
«Түмэн» сынньалаҥ киинигэр нэһилиэк дьахталларын кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Сардаана Лебедева, «Арассыыйа ийэлэрэ» уопсастыбаннай хамсааһын нэһилиэктээҕи түмсүүтүн чилиэнэ Аля Александрова салалталарынан нэһилиэк далбардара байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар анаан ыытыллар харыстыыр сиэккэ өрүүтүн аахсыйатыгар кыттыстылар.
Кинилэр Айталы Куо Иванова үөрэтиитинэн өрүү албаһыгар үөрэнэн көхтөөхтүк улахан сиэккэни өрдүлэр. Бэлиэтээн эттэххэ, Аля Александрова, Фекла Илларионова илиилэрин араарбакка көхтөөхтүк кытыннылар. Нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы, барыга олус көхтөөх Сахаяна Михайлова күн ахсын сылдьан, үлэни күөдьүтэн холобур көрдөрдө. Түөрт күннээх үлэҕэ амарах санаалаах, сылаас илиилээх дьон иллэҥ кэмнэрин туһалаахтык атаардылар.
Киһи үөрэрэ диэн, оскуола үөрэнээччилэрэ уонна устудьуоннар кэлэн, ис санааларыттан үлэҕэ кыттыстылар. Сылаас сыһыаммыт, кыра да көмөбүт сахабыт ыччата этэҥҥэ эргиллэн кэлэригэр арчылыы, дьон олохторун харыстыы турдун!
Ирина Корякина-Олесова
Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…
Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…
Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…
Суруналыыстар байыаннай дьайыыттан саҕалаан Ил Дархан Тымныы Оҕонньору хас сааһыгар диэри кэтэспитин ыйыттылар. Айсен Николаев…
Ил Дархан Айсен Николаев 12 саастаах Амелия Новикова суругун тутан, кыысчаан улахан баҕа санаатын толорбутун…
Дьокуускайга ИДьМ үлэһиттэрэ арыгыны сокуоннайа суохтук атыылааһыҥҥа рейдэ оҥордулар. Бу туһунан СӨ ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.…