Саха сиринээҕи Силиэстийэлиир кэмитиэтин Илин Эҥэр оройуоннар икки ардыларынааҕы отделениета Амма улууһун 48 саастаах олохтооҕо киһини өлөрүүгэ холуобунай дьыалатынан силиэстийэтин түмүктээтэ.
Бу туһунан Саха сиринээҕи Силиэстийэлиир кэмитиэтин пресс-сулууспата суруйар. Силиэстийэ быһаарыытынан, 2024 сыл балаҕан ыйын 15 күнүгэр буруйданааччы уонна кинини кытта бииргэ олорор дьахтар икки ардыларыгар арыгы иһэн баран күнүүлэһэн иирсээн тахсыбыт. Ол түмүгэр эр киһи дьахтары көхсүгэр куукуна быһаҕынан анньыбыт. Дьахтар тутатына миэстэтигэр суорума суолламмыт. Ону таһынан дьүөгэтэ туоһу буоларын көрөн, эр киһи тыллыыр түгэнигэр өлөрөрүнэн куттаабыт. Дьахтар буруйдааҕы уоскуппут, ол кэннэ полицияҕа тыллаабыт. Эр киһи итирик туруктаах сылдьарын буруйу оҥорбут миэстэтигэр туппуттар. Силиэстийэ түмүктэннэ. Холуобунай дьыала суут көрүүтүгэр ыытылынна.
Сэтинньи – Байанай ыйа. Сэтинньигэ сыһыаннаах билгэлэри, бэлиэ күннэри төһө билэҕит? 2.11 – ыанньыйбыт былыт…
Ис Дьыала министиэристибэтин Саха сиринээҕи салалтатын 3 №-дээх полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар Дьокуускай куорат олохтооҕо…
Уус Алдан Бороҕон нэһилиэгэр байыастарга анаан дроннартан хаххалыыр суорҕаны тигэр сыах аһылынна. «Өссө биир кэрэхсэбиллээх…
Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаата Султан Хамзаев арыгыны атыылааһын чааһын сыыйа дойду үрдүнэн өрөбүл күннэргэ биэс чаас…
Рф Үпкэ министиэристибэтигэр быһаарбыттарынан, бырабыыталыстыба “Дьиэ кэргэн ипотекатыгар” көрүллэр лимиити бааннарга 350 млрд солкуобайынан улаатыннарда.…
Ый аайы сир аргыһа түөрт фазаны ааһан ийэ сир олохтоохторугар араастык дьайар. Бу сылга күһүҥҥү…