«Амма» суола чөлүгэр түһэрилиннэ
«Амма» эрэгийиэннээҕи айан суола күүстээх ардахтартан алдьанан, бу күннэргэ икки улахан уйуктаах массыына суолу икки өттүнэн бүөлүү түһэннэр, сырыыны харгыстаабыттара.
Бүгүҥҥү туругунан кыра массыыналар сырыылара сөргүтүлүннэ. Суолу оҥорор бэдэрээтчит тэрилтэ алдьаныыны туоратар.
Санатар буоллахха, атырдьах ыйын 1 күнүгэр «Амма» эрэгийиэннээҕи айан суолун 93 км улахан уйуктаах массыыналар суоппардара аһар ыарахан ыйааһыннаах таһаҕаһы тиэйэн иһэн, нуорманы тутуспаккалар, түспүттэрэ. Суол оҥорооччулар сыралаах үлэлэринэн уонна ыарахан тиэхиньикэни туһанан (экскаватор уонна бульдозер) ол киэһэ суол аһыллыбыта.
Бэдэрээччит «МКАД» ХЭУо атырдьах ыйын 2 күнүгэр оборчону суох оҥорор үлэни ыытан саҕалаабыта.
СӨ массыына суолларын салалтата улахан таһаҕаһы тиэйэр массыыналар суоппардарын, суолу алдьаппат туһуттан, олохтоммут ирдэбиллэри тутуһаргытыгар ыҥырар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: