Амма сувенирдара — ис сүрэхтэн

Амма сувенирдара — ис сүрэхтэн

23.07.2023, 15:57
Хаартыска уонна видео -- Елена Потоцкая
Бөлөххө киир:

Ханнык баҕарар дойдуга аан бастаан кэлбит дьон ол сир туһунан өйдөбүнньүк бэлэх-сувениры хомуйар идэлээх.

Саха сиригэр араас улахан тэрээһиннэргэ бэлэх буолар араас сувенирдары оҥорор буоллулар. Аммаҕа 14-с «Дьулуур адаптивнай успуорт көрүҥнэрин спартакиадатыгар улуустартан кэлбит дьон түспүт сирдэрин, аһыыр астарын, олохторун-дьаһахтарын кытта билсэ сылдьан, 1 №-дээх оскуолаҕа эмиэ таарыйан ааспытым. Барытын көрөн-билэн, хаартыскаҕа түһэрэн баран, тахсан иһэн дьуһуурунайдыы олорор дьоҥҥо түбэһэ биэрбитим. Бу оскуола үлэһиттэрэ эбит. Дьуһуурунайдыы олорон бэрт интэриэһинэй дьарыкка ылларан олороллорун көрө биэрдим. Дьонум Амма спартакиадатын сувенирдарын оҥоро, уруһуйдуу олороллор эбит. Ол эбэтэр Амма Эбэ таастарын хомуйан, сууйан-тараан, алгыстатан баран, улуус бренд-бэлиэлэрин тэриэлкэҕэ уонна тааска уруһуйдаан, тута сувенир оҥорон таһаараллар.

Дьон сакааһа элбэх буолан, дьонум олох бокуойа суох олороллоругар түбэһэн, маннык кэпсэтии таҕыста:

Сувенирдары дьон кэтэһэ олорон уруһуйдаппыттар. Дьон сакааһынан сирдэтэн, бэртээхэй бэлэхтэр оҥоһуллубуттар: Амма сардааната, дьэдьэнэ, бурдуга, уута, аны бэһис бренд — хайа. Төһөлөөх элбэх маннык өйдөбүнньүк-сувенир араас улуустарынан тарҕаммыта буолуой?

Онон сатабыллаах Амма 1 №-дээх орто оскуолатын үлэһиттэрин бастакы саҕалааһыннара табылынна. Аны эһиил Олоҥхо ыһыаҕар анаан турунан Амма өрүс таастарыгар кыһыны быһа араас уруһуйу түһэрэн, бэртээхэй сувенирдары оҥорон таһаарыахтара буоллаҕа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 83% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: