Амма сыырын Москваҕа уонна Благовещенскайга атыылаан эрэллэр
Амма улууһугар 2013 сылтан дьоҥҥо киэҥник биһирэммит сыыры оҥороллор. Билигин ити сыыр өрөспүүбүлүкэ маҕаһыыннарыгар эрэ буолбакка, Москваҕа, Благовещенскайга тиийэ атыыланар.
“Амма” кэпэрэтиип бэрэссэдээтэлэ Айыысиэн Черноградскай СИАҕа кэпсээбитинэн, тэрилтэ улахан тириэрдээччилэри кытта сөбүлэҥ түһэрсибит, сотору кэминэн сыыр саҥа көрүҥүн таһаарар былааннаахтар.
Амма сыырын голландскай ырысыабынан дьиҥнээх үүттэн эрэ оҥороллор. От үүнээйи уонна килиимэт манна табыгастаах дииллэр. Араас эрэгийиэнтэн амсайан көрбүт дьон тустаах сыыр пармезаҥҥа уонна сэбиэскэй сыырга майгынныырын бэлиэтээбиттэр.
“Биһиги бородууксуйабытын дьон киэҥник сэҥээрэн эрэр. Биһиги сыыры Москваҕа 2022 сылтан кэмиттэн кэмигэр тириэрдэбит. 100 киилэттэн саҕалаабыппыт, сыллата кээмэйин улаатыннаран иһэбит. Былырыын дойду киинигэр 300 киилэ сыыры ыыппыппыт. Соторутааҕыта улахан тириэрдээччини уонна маҕаһыыннары кытта сөбүлэҥ түһэристибит. Бу логистика элбэх кыһалҕатын быһаарда, тириэрдээччилэр Амма сыырын өрөспүүбүлүкэ тас өртүгэр тарҕаталлар. Быйыл күһүн сыыр саҥа суордун таһаарыахпыт, билиҥҥитэ кистэлэҥҥэ тутабыт”, – диэн Айыысиэн Черноградскай үлэ былааннарыттан үллэстибит.
СИА суруйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: