Амма улууһа – Бастакы лигаҕа мас тардыһыыга Федерация Куубагын хаһаайына
Амма улууһа мас тардыһыыга Федерация Куубагын күрэҕин түмүгүнэн Үөһээ Бүлүү улууһун хамаандатын кытта күүстээх киирсиитин кэннэ Бастакы лигаҕа Федерация Куубагын ылла.
Үһүс миэстэни Нам улууһун хамаандата ылла. Мас тардыһыыга Федерация Куубагын Бастакы лигатыгар чөмпүйэнээккэ уонна Саха сирин первенствотын күрэхтэһиитин алтыстан намыһах миэстэни ылбыт хамаандалар кытыннылар. Өлүөхүмэ, Томпо, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Нам уонна Амма улуустарын хомуур хамаандалара кытыннылар. Хас биирдии хамаандаҕа эр дьон, дьахталлар, бэтэрээннэр уонна уолаттар — барыта 19 ыйааһыҥҥа rүөн көрүстүлэр. Күүтүллүбүтүн курдук, турнир фавориттарынан аммалар уонна үөһээ бүлүүлэр буоллулар.
Хамаандалар очколарынан үс тиһэх хапсыһыыга диэри тэҥҥэ испиттэрэ. Ол гынан баран, түмүккэ Амма улууһа Үөһээ Бүлүү улууһун 9:10 ахсаанынан кыайыылааҕынан таҕыста.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: