Амма улууһа – Бастакы лигаҕа мас тардыһыыга Федерация Куубагын хаһаайына

Share

Амма улууһа мас тардыһыыга Федерация Куубагын күрэҕин түмүгүнэн Үөһээ Бүлүү улууһун хамаандатын кытта күүстээх киирсиитин кэннэ Бастакы лигаҕа Федерация Куубагын ылла.

Үһүс миэстэни Нам улууһун хамаандата ылла. Мас тардыһыыга Федерация Куубагын Бастакы лигатыгар чөмпүйэнээккэ уонна Саха сирин первенствотын күрэхтэһиитин алтыстан намыһах миэстэни ылбыт хамаандалар кытыннылар. Өлүөхүмэ, Томпо, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Нам уонна Амма улуустарын хомуур хамаандалара кытыннылар. Хас биирдии хамаандаҕа эр дьон, дьахталлар, бэтэрээннэр уонна уолаттар — барыта 19 ыйааһыҥҥа rүөн көрүстүлэр. Күүтүллүбүтүн курдук, турнир фавориттарынан аммалар уонна үөһээ бүлүүлэр буоллулар.

Хамаандалар очколарынан үс тиһэх хапсыһыыга диэри тэҥҥэ испиттэрэ. Ол гынан баран, түмүккэ Амма улууһа Үөһээ Бүлүү улууһун 9:10 ахсаанынан кыайыылааҕынан таҕыста.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Учуонайдар тириини эмтиир саҥа ньыманы булбуттар

Карбонат кальций гормональнай препараттарын уонна микроскопическай чаастарыгар олоҕуран тирии ыарыытын эмтиир саҥа тиһиги Н.Г. Чернышевскай…

10 минут ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Дмитрий Садовников Дьокуускай куорат социальнай эбийиэктэрин тутууну көрдө

Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьокуускайга сабыылаах, искусственнай муустаах  хаҥкылыыр сири уонна Саха политехническэй лиссиэй эбии…

25 минут ago
  • Сонуннар
  • Спорт

ВИДЕО.Хапсаҕайга Федерация Куубага үөһээ бүлүүлэргэ тигистэ

Үөһээ Бүлүүгэ ахсынньы ый 14-15 күннэригэр Хапсаҕай Федерациятын Куубага оонньонно. "Үс хоһуун" успуорт комплексыгар хапсаҕай…

40 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев «Прямой разговор» биэриигэ кыттыаҕа

Бэнидиэнньиккэ, ахсынньы 16 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев Саха сирин олохтоохторун ыйытыыларыгар «Саха» ГТРК «Россия…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха сиригэр 2024 сылга орто хамнас төһө буолбутуй?

Сахастат дааннайдарынан 2024 сыл тоҕус ый түмүгүнэн Саха сирин тэрилтэлэригэр балаҕан ыйыгар орто хамнас 103,2…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха сирин икки оройуонугар сир хамсааһына бэлиэтэммит

Бу күннэргэ Саха сирин соҕуруу өттүгэр сейсмическэй сир хамсааһына бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Геофизическай сулууспатын Саха…

1 час ago