Салгыы
Амма улууһугар Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин кытта көрүстэ

Амма улууһугар Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин кытта көрүстэ

09.09.2024, 18:30
Хаартыска: sakha.gov.ru саайтан.
Бөлөххө киир:

Амма улууһугар Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтэ үлэтин чэрчитинэн  байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин кытта көрүстэ, диэн иһитиннэрэр СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

Байыастар дьиэ кэргэттэрин кытта Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин салайааччыта Марина Бахилина, Д.А. Медведев баартыйатын Бэрэссэдээтэлин эрэгийиэннээҕи уопсастыбаннай приемнайын салайааччытын солбуйааччы Саргылана Неустроева, ону тэҥэ араас салаа исписэлиистэрэ көрүстүлэр.

“Амма улууһугар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин арыаллыырга Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин филиала көхтөөхтүк үлэлиир. Олох-дьаһах араас түгэннэрин быһаарарга көмөлөһөр. Психологическай уонна юридическай көмө тэриллэр. Социальнай көмөҕө сүбэ-ама ыытыллар. Көмөнү оҥорууго судаарыстыбаннай былаас ситэриилээх уорганнара, олохтоох бэйэни салайыныы уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр уорганнара бииргэ үлэлииллэрин салайан биэрэллэр”, — диэн бэлиэтиир Саргылана Неустроева.

Улуустарга аһыллыбыт Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин филиаллара байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин бары өттүнэн өйүүллэр, көмөлөһөллөр.

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
7 октября
  • -0°C
  • Ощущается: -2°Влажность: 100% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: