Амма улууһугар киһи өлүүлээх саахал таҕыста
Бэҕэһээ, ыам ыйын 22 күнүгэр, 17.20 чааска Амма улууһун Чакыр нэһилиэгэр матасыыкылга хатааһылыы сылдьан киһи өлүүлээх иэдээн тахсыбытын туһунан Амма улууһун полиция салаатыгар иһитиннэрбиттэр.
Онно биллибитинэн, 2007 сыллаах төрүөх уол (сокуоннай сааһын ситэ илик) кэннигэр бэйэтин саастыылааҕын олордон, матасыыкылы ыытан испит. Суол быһа охсуһуутугар утары иһэр матасыыкылы көрсүбүттэр. Утары испит матасыыкылы 1970 сыллаах төрүөх киһи ыытан испит. Бу сиргэ матасыыкыллар харсыспыттар. 1970 сыллаах төрүөх киһи ылбыт эчэйиилэриттэн быһылаан тахсыбыт сиригэр тыына быстыбыт.
Сааһын ситэ илик оҕолор эчэйии ылан, улуус киин балыыһатыгар киирбиттэр. Быһылаан тахсар кэмигэр матасыыкыл ыытан иһээччилэртэн хайалара даҕаны харыстыыр шлем кэппэтэх. Бэрэбиэркэ кэмигэр биллибитинэн, матасыыкыллар иккиэн учуокка туруоруллубатахтар.
Сааһын ситэ илик оҕо иһитиннэрбитинэн, кинилэр Ленин аатынан сүрүн уулуссанан айаннаан испиттэр. Утары уҥа суолунан матасыыкыл иһэрин көрбүттэр. Утары иһээччи суолу биэриэ дии санаабыттар, ол түмүгэр саахал тахсыбыт. Билигин быһылаан тула бэрэбиэркэ ыытыллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: