Амма улууһугар «Күн Сардаҥата» эспэдииссийэ түмүктэннэ

Share

Амма улууһугар «Күн Сардаҥата» оскуола үөрэнээччилэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-чинчийэр, экологическай эспэдииссийэ түмүктэннэ.

Дойдуга Дьиэ кэргэн уонна Саха сиригэр Оҕо саас сылыгар анаммыт эспэдииссийэ Амма, Чурапчы, Таатта, Мэҥэ Хаҥалас, Хаҥалас, Уус  Алдан уонна Уус Маайа улуустарын уонна Дьокуускай куорат эдэр чинчийээччилэрин уонна экологтарын түмтэ.

«44 оскуола үөрэнээччилэрэ Амма улууһугар айылҕаны, күөллэри, кыыллары академик Н.Г. Соломонов аатынан сайыҥҥы научнай-чинчийэр оскуолатын иһинэн чинчийдилэр. Саха сирин Экологияҕа министиэристибэтэ көҕүлээбит бырайыага иккис сылын саҥа билиилэри көрдүүргэ уонна өрөспүүбүлүкэ күөллэрин чинчийиигэ, туһалаах информацияны хомуйууга ананар», — диэн бырайыак салайааччыта, СӨ Уу сыһыаннаһыыларыгар уонна экологияҕа департаменын кылаабынай исписэлииһэ Нюргуяна Гуринова иһитиннэрдэ.

Хаартыска: www.sakha.gov.ru

«Эдэр экологтары чинчийиилэрэ инникитин научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ кыттарга, научнай ыстатыйалары уонна үлэлэр суруйарга тирэх буолуоҕа, ону тэҥэ идэни талыыга сирдиэҕэ», — диэн бырайыак салайааччыта бэлиэтээтэ. Оҕолор тоҕус күн устата эйэ- дэмнээхтик айылҕа абыланыгар куустардылар. Кыттааччылар, саамай кыралара 8 саастаах, хонуу усулуобуйатыгар бэйэлэрин чинчийэр үлэлэригэр матырыйааллары хомуйдулар.

«Бу күннэргэ Амма, Мээндиги, Абаҕалаах, Бөтүҥ нэһилиэктэрин күөллэрин туһунан матырыйааллары хомуйдубут. Оҕолор күөллэри эрэ буолбакка, үөнү-көйүүрү, көтөрү-сүүрэри, үүнээйилэри үөрэттилэр. Оҕолор эспэдииссиэни олус сөбүлээтилэр, хас да оҕо кэлэр сылга суруттарыахтарын баҕардылар», — диэн эспэдииссийэ салайааччыта, СӨ Наукаҕа академиятын лаборант-чинчийээччитэ Саргылана Седалищева кэпсээтэ. Эспэдииссийэни тэрийээччилэр этэллэринэн, эһиил маннык көһө сылдьар тэрээһиннэри Мэҥэ Хаҥаласка эбэтэр Уус Маайаҕа тэрийэр былааннаахтар. Сиһилии манна аах.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйаҕа Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн  эҕэрдэлээтэ. -…

29 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

15 часов ago