Амма улууһугар Олоҕу-дьаһаҕы тупсарыы сыла биллэрилиннэ
Үүнэр 2025 сылы Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин Олоҕу-дьаһаҕы тупсарыы (инфраструктура) сылынан биллэрдэ.
Бу улахан суолталаах быһаарыы “Олох-дьаһах инфраструктурата” национальнай бырайыакка сөп түбэһиннэрэн, оройуон кэлим социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар уонна улуус олохтоохторун олохторун хаачыстыбатын тупсарыыга туһуланар.
Улуус салалтата олоҕу-дьаһаҕы тупсарарга быһаарыллыахтаах соруктарынан ааттаата:
— Айан суолун нуормаҕа эппиэттиир туруктаах оҥоруу;
— Хаарбах туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагырааматын үрдүк таһымнаахтык олоххо киллэрии;
— Тыа сирин нэһилиэнньэлээх пууннарын сайыннарыыга тустаах маастар-былааннары оҥоруу;
— Хомунаалынай тиһиги саҥардыы;
— Олорор тиэргэннэри тупсарыы;
— Нэһилиэнньэлээх пууннар икки ардыларынааҕы пассажирдары таһар үлэни олоххо киллэрии;
— Тыа сирин нэһилиэнньэлээх пууннарын тупсарыыга куораты былаанныыр докумуоннааһын аныгы ирдэбиллэригэр сөп түбэһиннэрии.
Онон 2025 сыл Амма улууһугар социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыга туһуламмыт улахан суолталаах былааннаах үлэ ыытыллыаҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: